Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 11 түбэлтэтэ тахсан, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна.
Жатайга 1981 с.т. дьахтар эмсэҕэлээн балыыһаҕа киллэриллибит, уорбаланааччы быһаарыллыбыт. Булуҥҥа балыксыттар учаастактарыттан 1980 с.т. эр киһи уонна 1971 с.т. дьахтар быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киллэриллибиттэр. Быһаарыы үлэтэ ыытыллар. Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ 1982 с.т. дьахтар иһигэр быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдэ. Оттон Хаҥалас улууһун Ой сэлиэнньэтигэр 1974 с.т. эр киһи доруобуйатыгар эмсэҕэлээһини ылбыт, уорбаланааччы быһаарыллыбыт.
Дьокуускайга үс киһи харчытыттан мэлийбиттэрин туһунан сайабылыанньа суруйбуттар. Түөкүттэр «ФСБ уонна РФ КБ үлэһиттэрэ» аатыран уонна «интэриниэтинэн харчылаһыахха сөп» диэн төлөпүөннээннэр, уопсайа 1,6 мөл.солк. албыннаан ылбыттар.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар наркотигынан эргинии тохтотуллубут, арыгы иһэн баран тырааныспары хаттаан ыытыы түбэлтэлэрэ билиннэ.
Нерюнгригэ сымыйа дастабырыанньалаах массыына ыыта сылдьар киһи тутулунна.
Дьокуускайга 2022 с.т. оҕо оонньуу олорон розеткаҕа ньуосканы анньан, уокка оҕустаран, уҥа илиитин тарбаҕа эмсэҕэлээн, балыыһаҕа киллэрилиннэ.
Киһи өлүүлээх суол-тырааныспар быһылаана бэлиэтэммэтэх.
Суукка иһигэр арыгы иһэн баран массыына ыыппыт 7 киһи тутуллубут.
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…
Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра” 1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…