Дьуһуурунай борокуруор: Быһахтааһын, күүһүлээһин…
20.01.2025, 10:53
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 4 түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура бу буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай дьыалалары хонтуруолга тутар.
Мииринэй куоракка 1981 сыллаах төрүөх эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирбит. Бу быһылааҥҥа уорбаланааччы ким буолара быһаарылынна.
Бүлүү куоракка күүһүлээһиҥҥэ сайабылыанньа киирэн, уорбаланааччы ким буолара билиннэ.
Жатайга баан счетуттан 299 тыһ. солк. уорбуттар.
Дьокуускайга «ВАЗ-2106» мааркалаах массыынаны күрэтэн барбыттар.
Муома улууһун Хонуутугар гарааска 1995 сыллаах төрүөх эр киһи өлүгэ көһүннэ. Эр киһи гарааһыгар массыынатыттан угаардаабыт.
+1
1
+1
3
+1
+1
+1
11
+1
+1
6
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: