Дьуһуурунай борокуруор: Дьокуускай олохтооҕо счетуттан 3 мөл. солк. уордарбыт
15.06.2023, 14:17
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу туһунан 8 иһитиннэрии киирбит, ол иһигэр Дьокуускайга уонна Муома улууһугар уоруу 5 түбэлтэтэ тахсыбыт.
Ол курдук түөкүттэр Дьокуускай куорат 1947 сыллаах төрүөх олохтооҕуттан счетуттан 3 мөл. солк. харчытын суйдаабыттар. Маны таһынан Дьокуускай куорат устудьуонуттан албыннаан 135 тыһ. солк., оттон Нам дьахтарыттан 329 тыһ. солк. уорбуттар.
Суукка устата эрэгийиэҥҥэ 4 техногеннай баһаар бэлиэтэммит. Алдан оройуонун Томмотугар олорор дьиэ умайан, 1988 сыллаах төрүөх эр киһи балыыһаҕа киирэн баран өлбүт.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: