Дьуһуурунай борокуруор: Дьокуускайга үс массыынаны күрэтэн барбыттар
02.03.2024, 13:02
Хаартыска: procrossover.ru
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 9 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Нерюнгри куоракка 1983 с. эр киһи доруобуйатыгар ыарахан буортуну ылбыт.
Дьокуускай куоракка уоруу тахсыбыт. Алдан уонна Мииринэй улуустарыгар түөкүннээһин тахсыбытын туһунан сайабылыанньа киирбит. Чуолаан, 1996 с.т. эр киһиттэн 432 тыһ. солк. кэриҥэ суумалаах (схемата«инвестиция») харчы уоруллубут.
Дьокуускай куоракка «Тойота- Камри», «Тойота- Корола» уонна «Субару Форрестер» мааркалаах массыыналары күрэтэн барбыттара бэлиэтэммит. Орто Халыма куоракка иккиһин итирик туруктаах суоппар тутулунна.
Сууккаҕа 5 баһаар тахсыбыт, өлбүт уонна эмсэҕэлээбит дьон суох.
Өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламматах.
Сууккаҕа 3 суоппар итирик туруктаах сылдьан тутуллубут.
+1
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: