Дьуһуурунай борокуруор: Өлүөхүмэ олохтооҕуттан 1,8 мөл. солк. харчы уорулунна
12.03.2024, 11:30
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 5 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.
Өлүөхүмэ уонна Хаҥалас улуустарыгар түөкүттэргэ албыннаппыт дьон сайабылыанньалара киирдэ, чуолаан Өлүөхүмэ улууһун олохтооҕуттан 1,8 мөл. солк. кэриҥэ суумалаах харчы уорулунна.
Сир учаастактарын бас билиигэ ылыы докумуоннарын оҥорууга икки киһи бэриги биэрии чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
Сууккаҕа 6 баһаар таҕыста, өлүүлээх уонна эмсэҕэлээбит киһилээх быһылаан регистрацияламмата. Киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбата.
Сууккаҕа 6 суоппар итирик туруктаах уруулга олорон тутулунна.
+1
1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: