Дьуһуурунай борокуруор: харчы уоруу, оҕонү түҥнэри көтүү
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 6 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.
Тааттаҕа уоруу таҕыста, Дьокуускайга түөкүттэри булууга сайабылыанньа киирдэ, ол иһигэр 1959 с.т. дьахтартан түөкүттэр 1,8 мөл. солк. тахса суумалаах харчы уордулар.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар 460 тыһ. солк. суумалаах субсидия үбүн-харчытын уоруу чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Ону тэҥэ Мэҥэ-Хаҥаласка суоппар ДПС үлэһитигэр харчы биэрэ сатааһынын дьайыы оҥоһуллубутун туһунан иһитиннэрилиннэ. Дьокуускайга сокуоннайа суох саа харайыытын чахчыта билиннэ.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламмата. Дьокуускай куоракка Можайская уулусса дьиэтин таһыгар «Toyota Fielder» массыыналаах суоппар-дьахтар, 2011 с.т. сааһын ситэ илик оҕону түҥнэри көттө. Эмсэҕэлээбит оҕо балыыһаҕа киирдэ.
Сууккаҕа 5 баһаар бэлиэтэммит. Дьокуускайга Кирсанов уулуссатыгар элбэх мэндиэмэннээх мас дьиэ умулларыытын кэннэ эр киһи өлүгэ көһүннэ. Эр киһи өлүгэ ким буолара быһаарыллар.
Сууккаҕа 9 суоппар итирик туруктаах сылдьан тутуллуна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: