Салгыы
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр

15.07.2024, 12:30
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ түөкүттэр угаайыларыгар Саха сирин 25 олохтооҕо киирэн биэрдэ. Түөкүттэр кинилэртэн 30,6 мөлүйүөн солкуобайы сойботтулар.

Ол курдук, түөкүттэр үөрэх тэрилтэтин 6 үлэһитин, үлэтэ суох 5 киһини, 4 биэнсийэлээҕи, силиэсэри, кассиры, мэдиссиинэ үлэһитин, харабылы отоойкоҕо олоттулар, харчыларын тэбээтилэр.

Ол курдук, “инвестиция” схематынан биир киһиттэн  саамай үгүөрү үбү — 5,8 мөл солк. элбэх сууманы албыннаатылар.

Уопсайа бу албын схеманан 6 киһи эмсэҕэлээтэ. Кинилэр 13,6 мөл солк. үптэрин сүтэрдилэр. Оттон “РФ Киин бааныттан”, “ФСБ-тан”, “ИдьМ-тан, “Госөҥөттөн”, “Росфинфомониторинтан” диэн албыннаан эрийэн, 15 киһи уопсайа 16 мөл солкуобайы былдьатта. “Кирэдьиити” толоруу” схеманан өрөспүүбүлүкэ 3 олохтооҕо 700 тыһыынча солкуобайын “тыалга көтүттэ”. Ону тэҥэ “бонуһу ылыы” схеманан 284 тыһ. солк. уордардылар.

Онон олус сэрэхтээх буолуҥ, түөкүттэр угаайыларыгар, араас албастарыгар киирэн биэримэҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 76% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: