Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 14 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит, ол түмүгүнэн процессуальнай бэрэбиэркэ, холуобунай дьыала ирдэбилэ ыытыллар.
Ол курдук, Уус Маайа улууһугар 1981 с.т. киһи доруобуйатын эчэтиигэ, уорбаланар дьахтары булбуттар.
Дьокуускай куоракка күүстэринэн өттөйөн туран икки суотабай төлөпүөнү былдьаабыттар, дьолго, уорбаланааччылары быһаарбыттар.
Дьокуускайга, Булуҥҥа уонна Хаҥалас улуустарыгар уоруулар бэлиэтэммиттэр. Дьокуускайга, Ленскэй уонна Томпо улуустарыгар түөкүннээһин туһунан иһитиннэриилэр киирбиттэр, түөрт киһиттэн албыннаан 7 мөл. солк. тахса сууманы уорбуттар.
Нерюнгри куоракка наркотигынан эргинэр, Дьокуускайга уонна Уус Алдан улууһугар арыгы иһэн баран хаттаан массыынаҕа олорор дьону туппуттар.
Дьокуускай куоракка, Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар суол саахалыгар түбэһэн араас эчэйиини ылан, 4 киһи балыыһаҕа киирбит. Суукка устата арыгы иһэн баран тимир көлөнү ыытан, 10 киһи тутуллубут. Биллибэтинэн-көстүбэтинэн өссө хас киһи итирик уруулга олороро биллибэт.
СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…