Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр
Бу ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу 5 түгэнэ бэлиэтэммит.Онон бу буруйу оҥорууларынан бэрэбиэркэ ыытыллар уонна борокуратуура хонтуруолга ылла.
Нам улууһун Партизан сэлиэнньэтигэр 1989 с. төрүөх киһини ыараханнык эчэппит буруйдааҕы, хата, буллулар. Хаҥалас оройуонугар түөкүннээһин (мошенничество) туһунан сайабылыанньа киирбит. Икки киһиттэн 607 тыһыынча солкуобай харчыны албыннаан ылбыттар.
Дьокуускай куоракка уоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Өссө куоракка дьахтар арыгы иһэн баран массыына ыытан иһэн иккистээн тутуллубут. Ону тэҥэ Песчанай уулуссаҕа массыынатын өрөмүөннүү сылдьан үгээрдээбит эр киһини балыыһаҕа илдьибиттэр.
Уус Маайа бөһүөлэгэр 4 кыбартыыралаах биир этээстээх мас дьиэттэн биир кыбартыыратыгар умайыы тахсыбыт. Ол түмүгэр 1975 с. төрүөх эр киһи уонна 1978 с. төрүөх дьахтар балыыһаҕа киирбиттэр.
Үөһээ Бүлүү оройуонугар Бүлүү өрүскэ Түбэхтэй диэн сиргэ 1967 с. төрүөх эр киһи мотуордаах оҥочоттон ууга түһэн тимирбитин булбуттар. Тымныы ууга олус тоҥмут иккис эр киһини балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Суукка устата 14 суоппар тутуллубут. Кинилэр итирик туруктаах сылдьан уруулга олорбуттара чопчуламмыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: