Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр

Share

Бу ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу 5 түгэнэ бэлиэтэммит.Онон бу буруйу оҥорууларынан бэрэбиэркэ ыытыллар уонна борокуратуура хонтуруолга ылла.

Нам улууһун Партизан сэлиэнньэтигэр 1989 с. төрүөх киһини ыараханнык эчэппит буруйдааҕы, хата, буллулар. Хаҥалас оройуонугар түөкүннээһин (мошенничество) туһунан сайабылыанньа киирбит. Икки киһиттэн 607 тыһыынча солкуобай харчыны албыннаан ылбыттар.

Дьокуускай куоракка уоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Өссө куоракка  дьахтар арыгы иһэн баран массыына ыытан иһэн иккистээн тутуллубут. Ону тэҥэ Песчанай уулуссаҕа  массыынатын өрөмүөннүү сылдьан үгээрдээбит эр киһини балыыһаҕа илдьибиттэр.

Уус Маайа бөһүөлэгэр 4 кыбартыыралаах биир этээстээх мас дьиэттэн биир кыбартыыратыгар умайыы тахсыбыт. Ол түмүгэр 1975 с. төрүөх эр киһи уонна 1978 с. төрүөх дьахтар балыыһаҕа киирбиттэр.

Үөһээ Бүлүү оройуонугар Бүлүү өрүскэ Түбэхтэй диэн сиргэ 1967 с. төрүөх эр киһи мотуордаах оҥочоттон ууга түһэн тимирбитин булбуттар. Тымныы ууга олус тоҥмут иккис эр киһини балыыһаҕа киллэрбиттэр.

Суукка устата 14 суоппар тутуллубут. Кинилэр итирик туруктаах сылдьан уруулга олорбуттара чопчуламмыт.

Recent Posts

  • Сонуннар

Быйыл 5 муоста тутуллан киириэҕэ

2025 сылга Саха сиригэр биэс муоста  тутуллан бүтэрэ былааннанар. Бу туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын…

21 секунда ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүөхүмэ куорат баһылыга үлэтиттэн уурайда

Өлүөхүмэ куорат баһылыга  Сергей Щебляков  бэйэтэ баҕа өттүнэн астаапкаҕа барда. Бу туһунан "Өлүөхүмэ" оройуоннааҕы хаһыат …

12 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Юрист сүбэтэ: Хамнаһа суох уоппускаҕа хайдах барылларый?

Ыйытыы: РФ Үлэ кодексын 128 ыстатыйатынан көрүллүбүт, хамнаһа суох уоппуска хайдах бэриллэрий? Үлэни биэрээччи үлэһит…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көмүс дуйдаах күһүҥҥэ көҕөрдүү үлэтин үгэнэ

Өр сылларга эргэ хаарбах дьиэҕэ олорбут Өрөспүүбүлүкэтээҕи (коррекционнай) интэринээт-оскуола үс сыллааҕыта үс этээстээх таас саҥа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Түөрт кыһыл оҕоҕо сэдэх генетическэй ыарыылары буллулар

Саха сиригэр 2025 сыл 8 ыйын устата кэҥэтиллибит неонатальнай чинчийии көмөтүнэн, түөрт кыһыл оҕоҕо сэдэх…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Сымыйа харчынан бырайыаһын төлөөбүт итиэннэ дьон малын уорбут киһи сууттанна

СӨ Борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, былырыын бэс ыйыгар  33 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо тиэргэҥҥэ турар  «КАМАЗ-5410» массыынаттан…

2 часа ago