Салгыы
Дьуһуурунай борокуруор:  киин куоракка 4 этээстэн сууллубут дьахтар өлүгүн буллулар

Дьуһуурунай борокуруор:  киин куоракка 4 этээстэн сууллубут дьахтар өлүгүн буллулар

Ааптар:
20.07.2024, 19:40
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 11 буруйу оҥоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Киин куоракка 1948 с.т. эр киһини өлөрдүлэр, уорбаланааччыны туттулар. Дьокуускай куорат П. Алексеев уонна Пионерскай уулуссаларга хаайан туран уоруу тахсыбыта бэлиэтэннэ, ону таһынан уоруу, «Тойота Корона» массыынаны күрэтии туһунан сайабалыанньалара киирдилэр, маны сэргэ сокуоннайа суох наркотигы тарҕатыы тохтотулунна.

Киин куоракка уонна Мэҥэ Хаҥаласка иккиһин итирик туруктаах сылдьан уруулга олорбут суоппардары туттулар. Нерюнгри куоракка 1959 с.т. дьахтартан түөкүттэр 1,2 мөл. солк. тахса харчыны уорбуттар. Дьокуускайга Бүлүүлүүр тыраакка биир дьиэ 4 этээһиттэн сууллубут 1968 с.т. дьахтар өлүгүн буллулар.

«Toyota Corsa» массыына суоппара Марха түөлбэҕэ Интернациональнай уулуссанан айаннан иһэн утары суолга тахсан «УАЗ Патриот» массыынаны кытта харсыста. Саахал түмүгэр «Toyota Corsa» 1976 с.т. пассажира балыыһаҕа киирдэ.
Сууккаҕа итирик туруктаах 14 суоппар тутулунна.

+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
+1
8
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: