Дьуһуурунай борокуруор: Түөкүттэр 3,6 мөл. солк. уордулар
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 6 буруйу оҥоруу регистрацияламмыт.
Ол курдук, Дьокуускай куоракка дьахтары кырбаабыт, доруобуйатыгар араас эчэйиилэри оҥорбут, 1987 с.т. эр киһи уорбаланааччы тутуллубут. Алдан уонна Нерюнгри куораттарыгар түөкүннээһин туһунан сайабылыанньалар киирдилэр. Уоруллубут харчы суумата 3,6 мөл. солк. куоһарда.
Сунтаар улууһугар массыына күрэннэ. Мииринэй куоракка итирик туруктаах суоппар тутулунна.
Сууккаҕа 10 баһаар тахсыбыта бэлиэтэммит. Ньурба куоракка баһаар түмүгэр чааһынай дьиэҕэ 2 киһи өлбүт. Быһылаан тахсыбыт төрүөтүн быһаарыы борокуратуура хонтуруолугар ылылынна.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана регистрацияламматах. Ленскэй куоракка «Тойота-Лэнд Крузер» массыына суоппара питбайкы кытта харсыста. Саахал түмүгэр питбайк 2006 с.т. суоппара уонна 2008 с.т. пассажира балыыһаҕа киирдилэр.
Сууккаҕа барыта 18 суоппар итирик туруктаах сылдьан тутулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: