Дьуһуурунай борокуруор: Түөкүттэр 6 мөл. солк. уордулар

Share

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ регистрацияланна.

СӨ Борокуратууратын иһитиннэриитинэн, Ленскэй оройуонугар дьахтары өлөрүү чахчытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ, 1969 с.т. эр киһи уорбаланааччы тутулунна.

Дьокуускай куоракка уоруу тахсыбыта регистрацияланна. Дьокуускай уонна Нерюнгри олохтоохторуттан түөкүттэр албыннаан 6 мөл. солк. уордулар. Хаҥалас улууһугар булт саатын сокуоннайа суох харайыы чахчыта быһаарылынна.

Дьокуускай куоракка 2022 с.т. оҕо итии ууга буһан балыыһаҕа киирдэ. Сууккаҕа 11 баһаар тахсыбыта бэлиэтэннэ, киһи өлүүлээх уонна эмсэҕэлээбит түбэлтэ тахсыбата.

Уус Алдаҥҥа Үс Күөл нэһилиэктэн 1 км тэйиччи 2003 с.т. суоппар матасыыкылынан итирик туруктаах сылдьан суолтан туораата. Саахал түмүгэр 24 саастаах ыччат балыыһаҕа киирдэ. Сууккаҕа барыта 12 суоппар итирик туруктаах сылдьан тутулунна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муҥха байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр соруктаах тэрилиннэ

Байыастар дьиэ кэргэттэрин өйүүр сыаллаах муҥха Нам улууһугар Хатырыкка тэрилиннэ. Манна СӨ Ил Дарханын уонна…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үҥкүү национальнай тыйаатыра 45-с сезонун арыйда

Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра Саха сирин национальнай култууратын киэн туттуутунан, хотугу өрөспүүбүлүкэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыччат үлэҕэ хамсааһынын тэрийсибитэ

1985 сыл. Дьокуускайбыт биир бэлиэ, сэргэх, соторутааҕыта тутуллубут дьиэтигэр — Бэчээт дьиэтигэр — “Эдэр коммунист” хаһыат саамай туллубат…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕо суохха балыллыы…

Маарыйа холкуос лааппытыгар атыылааччынан үлэлии сылдьара. Кэргэнэ айылҕаттан кыахтаах буолан, ыраах атынан таһаҕас тиэйиигэ бэдэрээттэһэ…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Кытайга гостуруоллаан кэллэ

2024 сыл Саха сирин култууратын тэрилтэлэригэр Оҕо тыйаатырын ускуустубатын сылынан биллэриллибитэ. Биллэриллибит сыл чэрчитинэн, СӨ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сылгы идэһэ

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago