Салгыы
Дьулустаан Борисов «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама курсааннарын кытта көрүстэ

Дьулустаан Борисов «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама курсааннарын кытта көрүстэ

12.08.2024, 18:53
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар РФ миниистирин солбуйааччы Анатолий Бобраковы кытта «Муравьев-Амурскай 2030» бырагыраама курсааннарын кытта көрүстэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан.

Бырагыраама кыттыылаахтара Анатолий Бобраковка уонна Дьулустаан Борисовка аан дойду бастыҥ холобурдарыгар олоҕуран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдэтэр бырайыактарын быыс түмүгүн көрдөрдүлэр. Манна сүрүн болҕомто туризмы сайыннарыыга уонна ыалдьыттары көрсүһүү институтугар уурулунна.

Дьулустаан Борисов өрөспүүбүлүкэ уобараһын оҥорон, инвестицияны тардарга килиимэт уратытын, айылҕа кыаҕын, эрэгийиэн креативнай индустриятын сайыннарыыны туһанар наадалааҕын эттэ. Көрсүһүү түмүгүнэн оҥорооччуларга сүбэ-ама биэрдилэр уонна салгыы үлэлиир былааннарын оҥордулар.

«Муравьев-Амурский 2030» бырагыраама госсулууспалаах саҥа көлүөнэтин бэлэмниир аналлаах – бу дьон уустук геобэлитиичэскэй, кытаанах күрэстэһиилээх кэмҥэ Арассыыйа экэниэмикэтин үүнүүтэ туруктаах буоларын хааччыйыахтаахтар.

Бырагыраама икки сыл иһигэр Уһук Илини сайыннарар институттарга эбэтэр госсулууспаҕа дьону булан-талан, үөрэтэн, үлэҕэ киллэрэр соруктаах.

Бастакы уонна иккис “потоктар” кэннилэриттэн 96 курсаан диплом ылан, Уһук Илин 11 эрэгийиэнигэр үлэлии сылдьаллар. Миниистир, миниистир солбуйааччыта, губернатор сүбэһитэ, управление начаалынньыга, муниципалитеттар баһылыктарын солбуйааччыта дуоһунастаахтар. Үһүс “потокка” биир миэстэҕэ 80 киһи куонкурустаспыта, 89 субъектан кыттыбыттара. Билигин 55 курсаан 27 эрэгийиэнтэн үөрэнэ сылдьар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: