Дьулустаан Борисов Орто Ботуобуйатааҕы сиртэн хостонор баайдаах сиргэ сырытта
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов баһылыктаах дэлэгээссийэ «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» тэрилтэ үлэлиир Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп-гаас конденсата үөскээбит сиригэр сырытта.
Оробуочай бөлөх үлэһиттэр олорор комплексарыгар киирэн, толору хааччыллыылаах уопсай дьиэни, остолобуойу, бассейннаах дьарыктанар-чэбдигирэр комплексы, тренажердаах сааланы, саунаны уонна мэдиссиинискэй кэбиниэти көрдүлэр. Маны тэҥэ ньиэби хомуйар киин пууҥҥа сырыттылар.
Дьулустаан Борисов баахтабай комплекска үчүгэй усулуобуйа тэриллибитин, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тэрилтэ кырата суох кылааты киллэрэрин бэлиэтээтэ.
“Оҥорон таһаарыы улаатан иһэринэн ньиэп хампаанньата өрөспүүбүлүкэҕэ биир бөдөҥ түһээни төлөөччүнэн уонна үлэни биэрээччинэн буолар, суолталаах бырайыактары олоххо киллэрсэр. Каадырдары бэлэмнээн, ньиэп-гаас хайысхалаах билим үлэтин ыытан, киһи хапытаалын сайыннарыыга үлэлэһэр. Мииринэй, Ленскэй, Дьокуускай куораттарга үс “Роснефть-кылааска” 150-тан тахса оскуола оҕото үөрэнэр. Мииринэйдээҕи политехническэй институкка тустаах исписэлиистэри бэлэмниир “Ньиэп-гаас дьыалата” кафедра уонтан тахса сыл үлэлиир”, — диэн бэлиэтээтэ Дьулустаан Борисов.
«Роснефть» НК комплексыгар киирэр тэрилтэ оҥорон таһаарыытын үрдэтэн иһэр. Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп-гаас конденсата үөскээбит сиригэр бырамыысыланнас үлэлиэҕиттэн 2023 сыллаахха 30 мөл. туонна ньиэп хостонуллубут.
2024 сылтан тэрилтэ исписэлиистэрэ гаас саппааһын тыыппакка, элбэх ньиэби арааран ыларга баттааһынын тутан турар ураты технологическай быһаарыыны олоххо киллэрбиттэр.
Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» үлэтин тупсаран, сыллата экологическай аахсыйатын улаатыннаран иһэр. Тоҕус сыл иһигэр Бүлүүтээҕи ууну хаайар сиргэ 5,4 мөл. балык ыаматын ыыппыттар. Ону таһынан үс сыл иһигэр нефтяниктар Ленскэй оройуонугар 400 тыһ. гектарга 220 тыһ. тахса мутукчалаах маһы олордубуттар, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: