Салгыы
Дьулустаан Борисов «Сахатранснефтегаз» АХ дириэктэрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талылынна

Дьулустаан Борисов «Сахатранснефтегаз» АХ дириэктэрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талылынна

12.03.2024, 17:34
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 11 күнүгэр  «Сахатранснефтегаз» АХ дириэктэрдэрин Сэбиэтин мунньаҕар биир санаанан Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн СӨ бастакы вице-премьерэ Дьулустаан Борисовы таллылар.

Оттон  Сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан Максим Терещенконы бигэргэттилэр. Итини сэргэ мунньах кэмигэр Сэбиэт сэкирэтээрин аныыр туһунан боппуруос, 2024-2025 сылларга талыллар хандьыдааттар испииһэктэрэ көрүлүннүлэр.

Санатан эттэххэ, «Сахатранснефтегаз» АХ  дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит социальнай гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ эрэгийиэннээҕи оператора буолар.

2023 сылга бырагыраама олоххо киллэриитин түмүгүнэн, Саха сирэ дойду эрэгийиэннэрин рейтиннэрин ортотугар Уһук Илиҥҥэ бастакы миэстэни ылар. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай гаастааһын бырагырааматынан, 2907 олорор дьиэ гааска холбоммута, 3505 гаас турбатын ситимэ тутуллубута. Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан 2030 сылга диэри эбии 15 тыһыынча олорор дьиэни  босхо гаастааһынын үлэтэ ыытыллыахтаах.

«Сахатранснефтегаз» АХ  – Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар биир сүрүн бөдөҥ национальнай ньиэп-гаас хампаанньатынан буолар. Тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ  нэһилиэнньэлээх пууннарын гааһынан хааччыйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: