Дьулустан Борисов Нерюнгри улууһугар энергетика, бырамыысыланнас эбийиэктэригэр сырытта
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустан Борисов Нерюнгри улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр Соҕуруу Саха сиринээҕи ТЭС, Чульманнааҕы ТЭЦ, Нерюнгритааҕы ГРЭС уонна Сиваглинскай тимир руудалаах сиргэ сырытта.
Бастакы вице-премьер Чульман бөһүөлэккэ 330 МВт кыамталаах саҥа гаас электро-ыстаансыйатын тутар былаһааккаҕа сырытта.
«Газпром энергохолдинг» хампаанньа (ГЭХ), «Газпром» ПАО дочернэй хампаанньа Соҕуруу Саха сиринээҕи ТЭС-кэ үлэни ыытар. ТЭС «Сибиир күүһэ» гаас ситиминэн аҕалыллар айылҕа гааһынан үлэлиэҕэ. Ыстаансыйаны 2026-2027 сылларга икки түһүмэҕинэн киллэрии, 250-тэн тахса үлэ миэстэтин таһаарыы былааннанар.
Дьулустаан Борисов Чульманнааҕы ТЭЦ үлэтин билистэ уонна бөһүөлэк олохтоохторун сылааһынан тиһигин быспакка хааччыйарга саҥа хочуолунайы тутуу наадатын бэлиэтээтэ.
Нерюнгритааҕы ГРЭС-кэ сырыыга вице-премьергэ 450 МВт уопсай кыамталаах 2 саҥа энергоблогу 2028 сылга тутуу туһунан кэпсээтилэр.
Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ ону сэргэ тимир рудалаах Сиваглинскайга сырыттылар. Манна доменной уонна агломерационнай руда, медно-магнетитовай руда хостоноллор. 20,7 мөлүйүөн туонна саппаас баар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: