Дьулустаан Борисов Саха сиригэр инвестиционнай килиимэт рейтинин түмүгүн дьүүллэстэ

Share

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов РФ субъектарыгар инвестиционнай килиимэт туругун национальнай рейтинин түмүгүнэн СӨ Урбаанньытарын бырааптарын көмүскүүр боломуочунайа Альбина Кычкина кыттыылаах миниистирдэр кэбиниэттэрин чилиэннэрин, өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрин салайааччыларын кытта сүбэ мунньаҕы ыытта.

Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Ил Дархан Айсен Николаев 2025 сылга Российскай Федерация субъектарын инвестиционнай килиимэттэрин туругун национальнай рейтинигэр 10-с миэстэни ситиһэргэ быһаарыыны ылынна», — диэн Дьулустаан Борисов эттэ.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ биисинэһи өйүүр араас хабааннаах дьаһаллар ылыллаллар. Ону Саха сиригэр урбаан сайдарыгар олоххо киллэриэххэ наада. Бу биисинэһи аһарга, үлэлииргэ уонна сайыннарарга көмөлөөх буолуоҕа», — диэтэ Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.

Мунньах түмүгүнэн, Дьулустаан Борисов Национальнай рейтин көрдөрүүлэрин ситиһэргэ бырабыыталыстыба чилиэннэригэр тус эппиэтинэһи сүктэрэр туһунан сорудахтаата.

«Ил Дархан туруорбут соругун толорор сыалтан, Национальнай рейтин хас биирдии көрдөрүүтүн  тупсарыыга атырдьах ыйын бүтүөр диэри тэрээһин былаанын оҥорон бигэргэтиэхпит», – диэтэ Дьулустаан Борисов.

Санатан эттэххэ, 2024 сылга Саха сирэ инвестиционнай килиимэт туругун рейтинигэр Арассыыйа субъектарын ортотугар 14 миэстэни ылбыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

16 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

17 часов ago