Салгыы
Дьулуур Хан: «Сахаҕа — тыл, сахаҕа — сир, сахаҕа — итэҕэл»

Дьулуур Хан: «Сахаҕа — тыл, сахаҕа — сир, сахаҕа — итэҕэл»

Ааптар:
27.09.2024, 12:27
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 27 күнэ – биһиэхэ барыбытыгар  сүдү таһымнаах, киэҥ далааһыннаах, историческай суолталаах күн буолар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тэрийбит Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Степан Аржаков албан ааттара үйэлэргэ умнуллубат!
Ахтан-санаан аастахха, 1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Сирин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыта.
Ол түмүгүнэн Саха сирин Арассыыйа Федерациятын састаабыгар судаарыстыба быһыытынан биллэриллибитэ, Өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституциятын ылынарга бастакы төрүөтүнэн буолбута.
Итинэн салайтаран өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сайдыытын, олохтоохтор олохторун-дьаһахтарын тупсарыыга быһаарыы ылынар кыахтаммыта.
Онон бу ылыллыбыт Декларация уонна Конституция чэрчитинэн атын регионнары сэргэ Арассыыйа иһигэр тэҥ бырааптаах субъегын быһыытынан Федеративнай дуогабарга илии баттаныллыбыта. Ол түмүгэр, Арассыыйа Федеративнай судаарыстыба быһыытынан чөл хаалара ситиһиллибитэ.
Дьэ ол кэннэ Саха сирэ күүскэ сайдар суолга үктэммитэ, араас бырагыраамалар ылыныллан олоххо киирбиттэрэ.Ол саҕаттан «Сахаҕа — тыл, сахаҕа — сир, сахаҕа — итэҕэл» диэн өйдөбүл баар буолбута.

Биир улахан социальнай суолталаах көрүҥүнэн культура сайдарыгар улахан үлэ ыытыллыбыта, билигин даҕаны тохтоло суох ыытылла турар, онтон сиэттэрэн сахабыт Ытык Оһуохайа эмиэ дьаныардаахтык сайдыбыта. Билигин биһиги түмсүүбүт биир улахан түмсүү буолар, сылын аайы араас таһымнаах тэрээһиннэри бэлэмнээн ыытабыт, Оһуохай күнэ олохтоммута, өссө даҕаны былааннар үлэҕэ киирэн үлэ күргүөмнээхтик оргуйуо!

Күндү бар дьоммун, бары таптыыр Сахабыт  сирин судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин! Баҕарабын эйэни, үтүөнү, сырдыгы! Саха Сиригэр Уруй!

Александр Джурович Данилов — Дьулуур Хан, Оһуохай түмсүү Баһылыга

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: