Дуобакка Арассыыйа таһымнаах турнирдар буола тураллар
Атырдьах ыйын 10-19 күннэригэр Дьокуускайга Арассыыйа таһымнаах икки улахан күрэхтэһии буола турар: нуучча дуобатыгар дьахталларга уонна эр дьоҥҥо Арассыыйа Куубага уонна “Ил Дархан Куубагар” нуучча дуобатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэр диэн иһитиннэрдилэр атырдьах ыйын 12 күнүгэр ыытыллыбыт пресс-кэмпириэнсийэҕэ.
Манна этиллибитинэн, 2025 сыллаахха ыытыллыахтаах Европа чөмпүйэнээтигэр сүүмэрдиир күрэхтэһии буолан, олус күүстээх састаап кыттар. Аҥардас 25 гроссмейстер баара элбэҕи этэр. 20 эрэгийиэнтэн 250 киһи кыттар, 20 судьуйа үлэлиэ. Күрэхтэһиилэр Дьокуускайга “Кыайыы 50 сыла” успуор дыбарыаһыгар ыытылла тураллар.
Турнир бирииһин уопсай пуондата 1700 000 солк. Гранд финал кыайыылааҕа лавр венокка майгылыыр үрүҥ көмүс хоруонаны, бриллианнаах мэтээли, мантияны иилиниэҕэ.
1 миэстэҕэ — 300000 солк, 2 миэстэҕэ — 200000 солк., 3 миэстэҕэ 100000 солк., 4 миэстэҕэ — 80000 солк., 5 миэстэҕэ — 50000 солк., 6 миэстэҕэ — 40000 солк., 7 миэстэҕэ — 30000 солк., 8 миэстэҕэ 20000 солк. туттарыллыаҕа. Маны таһынан категорияларынан куубактар, мэтээллэр, грамоталар, бириистэр бэриллиэхтэрэ. Барыта 23 кэмпилиэк мэтээл оонньонор.
Матрена Ноговицына, дуобакка аан дойду гроссмейстера: “Дьахталлар турнирдарыгар олус күүстээх састаап кэллэ: аан дойду чөмпүйүөннэрэ Жанна Саршаева, Софья Орлова бааллар. Бу Арассыыйа таһымнаах турнирдар биһиэхэ ыытыллаллара хас да өттүнэн барыстаах, спортсменнар ханна да барбакка дьиэлэригэр олорон, Арассыыйа Куубагар кытталлар, успуор маастарын нормативын толоруохтарын, Евпропа чөмпүйэнээтигэр талыллан хаалыахтарын сөп. Онон бу биһиэхэ, дуобатчыттарга, дэҥҥэ буолар табыллыы”, — диэн баран тэрийээччилэргэ, спонсордарга махтанна.
Былырыыҥҥы Ил Дархан Куубагын кыайыылааҕа Крым Өрөспүүбүлүкэтиттэн сылдьар Сергей Белошеев, аан дойду таһымнаах турниры тэрийэҕит диэн тэрийээччилэргэ ис сүрэҕиттэн махталын биллэрдэ. “Быйыл Ил Дархан Куубагын таһынан Арассыыйа Куубага – улахан официальнай тэрээһин ыытыллар. Онон олус элбэх гроссмейстер, аан дойду чөмпүйүөннэрэ бааллар. Ким кыахтаах – ол кыайдын!” диэн спортсменнар сөбүлээн туттар тылларынан этиитин түмүктээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: