«Движение Первых» хамсааһын Саха сиринээҕи салаата Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэскэ кыттыаҕа

Share
«Движения первых» хамсааһын Саха сиринээҕи салаата дойдуга бастакынан буолла. Салаа былырыын олунньуга тэриллибитэ.  Хамсааһын уһуйааччытынан Ил Дархан Айсен Николаев буолар.

«Эдэр ыччат хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттарыттан үөрэбин.  Үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга, университеттарга, институттарга, колледжтарга оҕолор билиини ылалларын таһынан, патриотическай иитиини ылан, дойдуларын дьиҥнээх патриоттара буола үүнэллэр. Онон «Движение первых» хамсааһын бу соругу ситиһэргэ төһүү күүһүнэн буолуоҕа», —  диэн бэлиэтээтэ  Айсен Николаев.

Хамсааһын Саха сиригэр сыллааҕы үлэтин туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи салаа бэрэссэдээтэлэ  Оксана Михайлова:

-2023 сылга дьоһун суолталаах үлэ ыытылынна. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр  670 отделение аһылынна.  30 тыһыынча кэриҥэ ыччат хамсааһын кыттыылаахтарынан буоллулар.  40 тыһыынча кэриҥэ Саха сирин олохтооҕо будьвдвижении.рф федеральнай саайтка регистрацияланнылар, — диэн  кэпсээтэ.

Үүммүт сыл бастакы күннэригэр хамсааһын көхтөөх кыттааччылара Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэскэ кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар.  Дэлэгээссийэ састаабыгар  8  киһи сүүмэрдэммит. Олортон биирдэстэрэ Бастакылар федеральнай  сэбиэттэригэр өрөспүүбүлүкэ аатыттан кыттыаҕа.

Санатан эттэххэ,  «Движения Первых» хамсааһын дойду Аҕа баһылыга  Владимир Путин көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Бүгүн хамсааһын Арассыыйаҕа түөрт мөлүйүөн кэриҥэ олохтооҕун сомоҕолуур.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

14 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

1 час ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago