Дьүөрэ тыллар дьүрүскэннэрин түһүлгэтигэр

Дьүөрэ тыллар дьүрүскэннэрин түһүлгэтигэр

29.10.2024, 15:40
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

«Мин туойар тойукпун толору алгыстаан, Эймэнэ, эһиэхэ, бар дьоммор аныаҕым. Мин ыллыыр эгэлгэ иэйиилээх ырыабын Үрүҥ күн күлүмнүүр суһумар холбуоҕум.

Бу ис иһиттэн хомоҕой, номоҕон тыллаах  хоһоонньут, ону тэҥинэн ырыа матыыбын айааччы Александра Николаевна Жиркова-Дьүөрэл бу күннэргэ “Айар “ кинигэ национальнай кыһатыгар күн сирин көрбүт “Мэҥэ куттаах тойугум  “ диэн саҥа кинигэтиттэн хоһоон.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын, Ырыа айааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Уус Алдан Бэйдиҥэтиттэн төрүттээх Александра Жиркова- Дьүөрэл бу үһүс кинигэтэ. Кини туспа суоллаах-иистээх, ааҕааччы кутун тутар, сүргэтин көтөҕөр, дьахтардыы нарын, уйаҕас куоластаах   айымньылара урут “Күннээх ыллыктарым “,  “Ньургуһуннаах үс кутум  “хомуурунньуктарыгар түмүллүбүттэрэ. Ааптар тылы таба дьүөрэлээн, иһирэх иэйиилэрин суулуу тутан айбыт хоһоонноро аны дьүрүскэҥҥэ кутулла түһэр айылгылаахтар. Ону аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускайга буолбут Александра Жиркова-Дьүөрэл айымньыларынан суруллубут ырыалартан таҥыллыбыт кэнсиэр киэһэтэ олус ситиһиилээхтик ааспытын дьон-сэргэ ахтан-санаан кэпсиирэ туоһулуур.

Ааптар Александра  Жиркова-Дьүөрэл идэтинэн биолог, СГУ биология-география факультетын бүтэрбит. “Олоххо кэтээн көрдөххө, ханнык да атын идэлээх дьонтон уйан куттаах хоһоонньуттар ордук геологтар уонна биологтар ортолоругар элбэхтэр быһылаах. Устудьуон, эдэр сааһыттан тулалыыр эйгэни иһиллээн, айар-дьүһүйэр кута арыллыбыта. Төрүт сиргэ, төрөппүккэ, бар дьоҥҥо иһирэх сыһыаны, махталы, таптал кэрэ иэйиитин хоһуйар. Олох туһунан дириҥ анаарыытын сурукка тиһэр, ырыаҕа туойар  “ диир кинигэҕэ киирии тылын суруйбут суруйааччы Владислав Доллонов.

Дьүөрэл саҥа кинигэтэ аныгылыы QR-куодтаах оҥоһулунна. Ол аата кинигэҕэ баар сигэлэри баттаан куйаар ситимиттэн дьиэрэйэр ырыалары дуоһуйа истиэххэ, видеолары көрүөххэ, ырыа-хоһоон дьүрүскэнигэр баар буолан хаалыахха сөп.

Дьүөрэл сырдык сыдьаайдаах, чараас, нарын лирикэтэ дьахтар киһи уйан дууһатыныын, сүрэҕин сипсиэриниин ураты дьүөгэлэһэр тыыннаахтар.

«Таптал дьолун дьөрбөтө

Буолан тыллыаҕым,

Таптал дьолун ымыыта буолан ыллыаҕым,

Дьикти иэйии утаҕын таба тутан

Кустук кэрэ өҥүнэн дьолбун өрүөҕүм…»

Киһи сөҕөрө диэн, бу “Мэҥэ куттаах тойугум “ кинигэҕэ киирбит хоһоонноро үгүстэрэ тута дьүрүскэҥҥэ түһэр дьылҕалаах айыллыбыттар. Ырыалар матыыптарын үксүн Дьүөрэл бэйэтэ айар , Герасим Павлов-Дьарааһын элбэх ырыаны матыыпка түһэрбит, Александр Степанов, Альберт Третьяков- Куйаар Уола, Роман Степанов оҥорбут ырыалара бааллар.

Күн дьолун—олоҕу таптыырга угуйар, ыҥырар сылаас тыыннаах, ырыанан-хоһоонунан доҕуһуолланар  кэрэ эйгэлээх кинигэ — “Айар “кинигэ маҕаһыыннарын долбуурдарыгар ааҕааччыларын күүтэр.

         Галина ВАСИЛЬЕВА

 

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 83% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: