Дыгын оонньуулара: киһи болҕомтотун уратытык тардар мас тардыһыыта (видео)

Дыгын оонньуулара: киһи болҕомтотун уратытык тардар мас тардыһыыта (видео)

29.06.2024, 23:27
Хаартыска уонна видео - Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Бүгүн Туймаада ыһыаҕар  Дыгын оонньууларын бастакы түһүмэҕэ — ыстаныыга,»вертушкаҕа» уонна мас тардыһыыга күрэхтэһии буолан ааста. 

Биллэн турар, киирсиилээх мас тардыһыы өрүү үгүс киһини түмэр. Онон бэрт кылгас түгэҥҥэ күүстээх уолаттар бэйэ-бэйэлэрин кытта күөн көрсүүлэрин көрөн аһарыах.

Киһи киһини билбэт түгэнэ. Бары болҕомто — уолаттар мас тардыһыыларыгар. Көбүөргэ Борис Сдвижков уонна Алексей Уваровскай тахсаллар.

Аттыбар турар дьон күрэхтэһэр уолаттары биллэллэр аҕай эбит. Кылгас түгэн иһигэр ыалдьааччылартан Алексей Уваровскай туһунан үгүһү биллим.  Билэр дьон уолаттар олохторун кэтии сылдьаллара, билэллэрэ сөхтөрдө. Онон аттыбар бэртээхэй кэммэнтээтэрдэр турдулар.

Борис Сдвижков бэрт түргэн кыайыыны ситистэ. «Сахаачча Боотура» диэн ааттаммыт Амма уола эрэллээхтик кыайда!

Мин аттыбар бэркэ кэммэнтээтэрдии турбут киһибин кытта билсэргэ сананным. Дыгыҥҥа кытта сылдьар уолаттары билэрэ да бэрт, кэпсиирэ да киһини кэрэхсэттэ.

Дьэ, ити курдук, киһи болҕомтотун уратытык тардар айылгылаах күрэхтэһии — мас тардыһыыта.  Ол икки ардыгар төрөппүттэр аһара үлүһүйэн хаалан буолуо, оҕолорун көрбөтөхтөр быһыылаах. Ол иһин кэмэнтээтэр кыра кыысчаан кини аттыгар олорорун эттэ.

Көрөөччүлэр бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэһэн ылаллара эмиэ баар суол эбит. Кэннигэр олорооччулар хаһыытаан көрдөһө сатыыллар да, үлүһүйэн көрө турар дьон ону истибэттэр…

Кылгастык мас тардыһыытын түгэниттэн билиһиннэрдэххэ итинник.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -13°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 85% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: