Успуорду сэҥээрэр, норуот кутун туппут, бары таптыыр, кэтэһэр “Дыгын оонньуулара” улам чугаһаан иһэллэр. Ол курдук, быйыл улахан аакка-суолга тиксэрэр, дьон-сэргэ биһирэбилин, билиниитин биэрэр, нэһилиэктэр киэн туттар ыччатын түмэр, мадьынылар күөн көрсөр «Дыгын оонньууларыгар» кэккэ уларыйыылар киирдилэр.
Бастатан туран, «Дыгын оонньууларын» финалыгар күрэхтэһии биир лиидэрэ, Таатта бөҕөһө Николай Матаннанов эчэйэн, кыттыбат буолла. Кини оннугар Орто Халыматтан сылдьар Алексей Созонов кыттыаҕа диэн Национальнай многоборье федерацията быһаарда. Алексей Созонов «Дыгын оонньууларын» бүтэһик сүүмэрдиир түһүмэҕэр бэһис миэстэни ылбыта. Кини хотугу многоборьеҕа Саха сирин уонна Арассыыйа успуордун маастара, өрүспүүбүлүкэ рекордсменынан, Арассыыйа алта төгүллээх чөмпүйүөнүнэн буолар.
Ити курдук, турнирга күөн көрсөр бөҕөстөрүнэн буолаллар: Дьулустаан Ноговицын (Горнай), Артем Дьяконов (Кэбээйи), Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү), Яков Дмитрий (Кэбээйи), Борис Сдвижков (Амма), Николай Обоев (Ньурба), Алексей Уваровскай (Кэбээйи), Тимофей Большаков (Сунтаар), Владимир Шологонов (Үөһээ Бүлүү) уонна Алексей Сазонов (Орто Халыма).
Санатар буоллахха, «Туймаада» ыһыаҕар Саха сирин 12 күүстээх бөҕөстөрө «Прогресс» хампаанньа туруорбут биир мөлүйүөн солкуобайдаах сүрүн бириис иһин бэс ыйын 29-30 күннэригэр киирсиэхтэрэ.
Иккиһинэн, эдэр спортсменнарга үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэргэ өссө уустук буолуоҕа. Бу иннинэ урукку сылларга «Дыгын оонньуулара» бастакы күнүгэр Үс Хатыҥ түһүлгэҕэ кыра успуорт былаһааккатыгар ыытыллар буоллаҕына, быйыл икки күннээх күрэхтэһиилэр сүрүн түһүлгэҕэ — «Кымыс кырдала» киин трибунатыгар ытыллыахтара. Итинэн сибээстээн, быйыл көрөөччүлэргэ өссө ордук табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ. Ол эрээри, күрэхтэһэр спортсменнарга миэстэтэ уларыйан, «Үс төгүл үс» сахалыы национальнай ыстаныыларга уонна 400 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ кылаан спортсмены быһаарарга уларыйыылар тахсыахтарын сөп.
Үсүһүнэн, «Таас көтөҕүү» успуорт көрүҥэр ааллаах тааһы көтөҕүү уустугуруо. Быйыл көтөҕөр тааһы ордук элбэх ыйааһыннаахха солбуйан биэриэхтэрэ. Быһа холоон таас ыйааһына 125 кг диэри тиийэн, уруккутунааҕар 8 кг ыарахан буолуоҕа. Онон, бу иннинэ ыытылыбыт күрэхтэһиилэргэ сорох спортсменнар тааһы көтөҕөн 200-250 миэтэрэҕэ илдьэллэрэ саарбахтааһыны үөскэтэр.
Төрдүһүнэн, саҥа уларыйыылар оҕунан ытыы көрүҥэр киириэхтэрэ. Быйыл сыалы анал платформаҕа туруоруохтара. Онон сиртэн тэйитэн, алҕас сыалга түбэһиннэрэр кыаллыбат. Ону кытта Үс Хатыҥ киин түһүлгэтигэр ытылларынан, халлааммыт кытта мэһэйдэри таһаарыан сөп. Кыттааччылар сүрүн сыалларынан куобах, кус уонна тииҥ буолуохтара. Маннык саҥа уларыйыылары бу иннинэ сүүмэрдиир турнирдарга киллэрбиттэрэ, ол түмүгэр күөн көрсөөччүлэр эбии очко ылаллара сатамматаҕа.
Бэсиһинэн, 2025 сылтан оонньуулар кыттааччыларын ахсаанын уларытарга былаанныыллар. Онон сибээстээн, Түймаада ыһыаҕан сүрүн тэрээһинигэр барыта 16 спортсмены сүүмэрдииллэрэ сабаҕаланар. Бу туһунан СИА-ҕа Дьокуускайдааҕы мэрия Физическай култуураҕа уонна успуорт управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов иһитиннэрдэ.
«Дыгын оонньуулара» күрэхтэһии икки хонук устата 7 успуорт көрүҥэр ыытыллар: бастакы күн – «Үс төгүл үс» (саха национальнай ыстаныылара), тутум эргиир уонна хапсаҕай, иккис күн — ох саанан ытыы, мас тардыһыыта, 400 миэтэрэҕэ сүүрүү уонна тааһы көтөҕүү.
Буолаары турар күрэхтэһиигэ ким күүстээх, бэлэмнээх кыайдын!
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…