Туймаада ыһыаҕар сылын ахсын ыытыллар саамай сүрүн күрэхтэһиитэ буолара 13 хонук хаалла. 16 саха эр бэртэрэ, боотур бухатыырдара мустан, ким хайдах күүстээҕин-уохтааҕын, кыахтааҕын-сымсатын көрдөрүөхтэрэ.
«Дыгын оонньуулара» – бу успуорт эрэ буолбатах. Бу биһиги өбүгэлэрбит үгэстэрин салҕааһын, саха норуотун сомоҕолооһун, эр дьон күүһүн-уоҕун, кыаҕын көрдөрүүтэ. Ыччаты чөл олоххо, успуорка угуйар сүдү суолталаах. Онон, «Дыгын оонньуулара» диэн былыр-былыргыттан баар, ол эрээри саҥалыы сөргүтүллүбүт, саха норуотун күүһүн уонна түмсүүлээҕин көрдөрөр улуу күрэхтэһиитинэн буолар.
Билигин «Дыгын оонньуулара» Туймаада ыһыаҕын киэргэлэ, саамай кэтэһиилээх түһүлгэтэ. Саха сирин араас муннуктарыттан бастыҥтан бастыҥ, күүстээхтэн күүстээх эр бэртэрэ кэлэн кытталлар. Кинилэр араас сахалыы оонньууларга күөн көрсөллөр:
Кыайыылаах «Дыгын оонньууларын Кыайыылааҕа» диэн үрдүк ааты сүгэр, бүтүн норуот киэн туттуута буолар уонна быйыл «Прогресс» хампаанньаттан 3 мөлүйүөн солкуобайынан наҕараадаланар.
Быйылгы «Дыгын оонньууларын» кыттааччылара (улуустарынан):
1995 сылтан «Дыгын оонньууларын» кыайыылаахтара:
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…