Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа — Дьулустаан Ноговицын!
Быйыл онус сылын Дыгын оонньууларыгар кыттар Горнай улууһун Таас Боотура Дьулустаан Ноговицын — Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа!
Дыгын оонньууларын кэпсээн-ипсээн ыыппыт спортивнай суруналыыс Александр Посельскай кыайыылааҕы анаан ыҥыран кэпсэттэ.
— Ыстаныам иннинэ олус долгуйбутум. Кыайыыбын итэҕэйбэккэ олоробун. Бүгүн биэтэккэ инники сырыттым. Саамай дьиктитэ — бөлүүн хаһан да утуйбатахпын утуйдум. Онон чөлбөр түһэн турдум. Өбүгэлэрбиттэн, Үс Хатыҥтан көрдөспүтүм. Ыам ыйыгар күүстээх дьарыгы ааспыппыт. Сүүрүүбэр эрэллээх этим. Күүстээх дьарыкка ситиһии кэлэр эбит. Биир да ыһыахха кыттыбатым. Бүтэһик сүүрүүбэр атахпын өлөрбүтүм. Ол сылдьан Николай Матаннанов эчэйбитин истибитим. Онно сэрэхэдийэ санаабытым. Икки нэдиэлэ кэннэ кыралаан дьарыктанан, этэҥҥэ кэллим. Наһаа элбэх киһи ыалдьан, эрэнэн, кинилэри эрэ түһэн биэрбэт санаалаах этим. Тириэньэрбин Иван Белолюбскайы хайдах эрэ хомоппотох киһи диэн санаа олох арахсыбатаҕа…, — диэн санаатын үллэһиннэ бүгүҥҥү күн дьоруойа.
«Манан бүтэбит дуо?», — диэн Александр Дьячковскай ыйытыытыгар Дьулус Ноговицын маннык хоруйдаата: «Дыгыннаан бүтэбин» диэн санаа киирэр. Ыччаттарга мэһэйдиэхпин баҕарбаппын. Сыалбын ситтим, ыларбын ыллым. Ол эрээри, эрдэ эппэппин, өссө да толкуйданыам, — диэт, Дыгын оонньууларын Дьоруойа наҕараадатын ыла сүүрдэ.
Успуорт тулхадыйбат девиһэ: «Дьулус, тулуй, кыай!» диэн күүстээх этии Дьулустаан Ноговицыҥҥа — Горнай улууһун Таас Боотуругар анаммыт эбит.
Дьулустаан Ноговицын чаҕылхай кыайыыта — төрөөбүт Сахатын сиригэр күндү бэлэҕэ!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: