Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа — Дьулустаан Ноговицын!

Share

Быйыл онус сылын Дыгын оонньууларыгар кыттар Горнай улууһун Таас Боотура Дьулустаан Ноговицын — Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа!

Дыгын оонньууларын кэпсээн-ипсээн ыыппыт спортивнай суруналыыс Александр Посельскай кыайыылааҕы анаан  ыҥыран кэпсэттэ.

Ыстаныам иннинэ олус долгуйбутум. Кыайыыбын итэҕэйбэккэ олоробун. Бүгүн биэтэккэ инники сырыттым. Саамай дьиктитэ — бөлүүн хаһан да утуйбатахпын утуйдум. Онон чөлбөр түһэн турдум. Өбүгэлэрбиттэн, Үс Хатыҥтан көрдөспүтүм. Ыам ыйыгар күүстээх дьарыгы ааспыппыт. Сүүрүүбэр эрэллээх этим. Күүстээх дьарыкка ситиһии кэлэр эбит. Биир да ыһыахха кыттыбатым. Бүтэһик сүүрүүбэр атахпын өлөрбүтүм. Ол сылдьан Николай Матаннанов эчэйбитин истибитим. Онно сэрэхэдийэ санаабытым.  Икки нэдиэлэ кэннэ кыралаан дьарыктанан, этэҥҥэ кэллим. Наһаа элбэх киһи ыалдьан, эрэнэн, кинилэри эрэ түһэн биэрбэт санаалаах этим. Тириэньэрбин Иван Белолюбскайы хайдах эрэ хомоппотох киһи диэн санаа олох арахсыбатаҕа…, — диэн санаатын үллэһиннэ бүгүҥҥү күн дьоруойа.

«Манан бүтэбит дуо?», — диэн Александр Дьячковскай ыйытыытыгар Дьулус Ноговицын маннык хоруйдаата: «Дыгыннаан бүтэбин» диэн санаа киирэр. Ыччаттарга мэһэйдиэхпин баҕарбаппын. Сыалбын ситтим, ыларбын ыллым. Ол эрээри, эрдэ эппэппин, өссө да толкуйданыам, — диэт, Дыгын  оонньууларын Дьоруойа  наҕараадатын ыла сүүрдэ.

Успуорт тулхадыйбат девиһэ: «Дьулус, тулуй, кыай!» диэн күүстээх этии Дьулустаан Ноговицыҥҥа  — Горнай улууһун Таас Боотуругар анаммыт эбит.

Дьулустаан Ноговицын чаҕылхай кыайыыта  — төрөөбүт Сахатын сиригэр күндү бэлэҕэ!

What’s your Reaction?
+1
34
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago