Бу күннэргэ киин куорат В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэтигэр араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр буолаллар.
Биир оннук сонун тэрээһининэн Саха сиригэр национальнай култууралар күннэрин көрсө аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрин – эбээн омук “Дьүкээбил» ансаамбылын кытта ааҕааччылар көрсүһүүлэрэ буолла. Бу айар кэлэктиипкэ өрөспүүбүлүкэ хотугу улуустарыттан ырыа куттаах дьон түмсэн, эбээн норуотун култууратын, үгэстэрин киэҥ араҥаҕа тарҕаталлар, кэпсииллэр. Кинилэр Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр атын омуктар национальнай түмсүүлэрин кытта биир сомоҕо буолан араас тэрээһиннэри ыыталлар.
Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ үлэһитэ Екатерина Попова ыччат ааҕааччылар «Дьүкээбил» ансаамбылы кытта көрсүһүүлэрин туһунан маннык кэпсээтэ:
— «Дьүкээбиллэр» бэйэлэрин омуктарын култууратын уонна үгэстэрин олох сүтэрбэккэ илдьэ сылдьалларынан сөхтөрдүлэр. Ол курдук, норуот маастара Ирина Пахомова бэйэтэ тикпит сарыы таҥастарын аҕалан көрдөрдө, иис кистэлэҥин кэпсээтэ.
Кини эр киһи таҥаһын кэмпилиэгин тикпитэ болҕомтону тарта.
Эбээннэр таҥастара сүрүннээн сарыы таҥас эбит. Онон ыалдьыттарбыт сарыы сону, бэргэһэни бэйэлэрэ таҥастаан илиинэн тигэллэрин кэпсээтилэр.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, «Дьүкээбил» ансаамбыл кыттыылаахтара Өлөксөй Луҥха «Барыта үчүгэй» диэн ырыатын эбээннии тылбаастаан ыллаатылар.
Анфиса Горохова уонна Наталия Слепцова эбээн норуотун национальнай астарын билиһиннэрдилэр. Балык дьуукалатынан күндүлээтилэр. Таба очоҕоһуттан эмиэ бэртээхэй астары амсаттылар.
Валентина Прокопьева оҕо эрдэҕинэ дьоно ыстаадаларынан хайдах олоро сылдьыбыттарын кэпсээтэ. Кинини дьонуттан икки сааһыттан араарбыттарын, дьонноох эрээри хайдах оҕо саадыгар, интэринээкэ иитиллибитин аҕынна.
Ханнык да кэмҥэ эбээн оҕото бэйэтин төрүт үгэстэрин, дьарыгын умнубат эбит — Валентина, холобура, кэтэ сылдьар сарыы таҥаһын бэйэтэ таҥастаан тиктибит. Ким да кинини анаан үөрэппэтэҕин үрдүнэн. Дьэ, ити курдук, ыалдьыттарбытын кытта бэрт иһирэхтик кэпсэтэн тарҕастыбыт.
Түгэнинэн туһанан, В.А. Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы медицинскэй кэллиэс устудьуоннарыгар көрсүһүүгэ көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар махталбын тиэрдэбин. Бу маннык көрсүһүүлэр ыччаты төрөөбүт дойдуга тапталы үөскэтэн, патриотическай тыыҥҥа иитиигэ олус туһалаахтар.
Ити курдук, В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ Саха сирин төрүт олохтоох норуоттарын туһунан араас ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыытан, ааҕааччыларын сомоҕолуур, биир тыынныыр.
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…