Дьүкээгир тылын күнүн бэлиэтээтилэр
Дьүкээгир норуотун ытык кырдьаҕастарын Сүбэтэ, СӨ дьүкээгирдэрин Ассоциацията, «Ярхадана» аһымал пуонда Саха сиригэр төрүт тыллар дэкээдэлэрин чэрчитинэн, Дьүкээгир тылын күнүн тэрийэн ыыттылар. Тэрээһин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолла.
Мустубут дьону суруйааччы, төрүт култууратын тарҕатааччы Гаврил Курилов-Улуро Адо онлайн сибээһинэн эҕэрдэлээтэ. Кини дьүкээгир тылын харыстааһыҥҥа хамсааһыны таһаарыахха наада диэн эттэ. Ону тэҥэ, дьүкээгирдии кэпсэтии тылын сайыннарыыга бэйэтин этиилэрин киллэрдэ.
– Соторутааҕыта тыллар, диалектар тустарынан кэмпириэнсийэ буолбута, онно билиҥҥи кэмҥэ тыллар туруктарын туһунан дааннайдары иһитиннэрбиттэрэ. Дьүкээгир тылын төрөөбүт тылларынан ааҕар дьон ахсаана элбээн иһэр эбит. Ол аата омук быһыытынан бэйэни билинии элбээн иһэр. Биһиги онно үлэлэһиэхпит, — диэн Дьүкээгир норуотун ытык кырдьаҕастарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Шадрин эттэ.
Анна Татаева, Наталья Ситникова «Wадун аруу» диэн туундара дьүкээгирдэрин тылынан кылаас учуобунньугун билиһиннэрдилэр. Бу кинигэ оҕо кэпсэтэр саҥатын сайыннарарыгар туһуламмыт. Бу үөрэтэр кинигэ Усуйаана улууһун Хаһааччыйа сэлиэнньэтин, Аллараа Халыма улууһун Андрюшкино сэлиэнньэтин, Черскэй бөһүөлэк оскуолаларыгар туһаныллыа диэн ааптардар эрэнэллэр.
Маны тэҥэ, дьүкээгир тылыгар, култууратыгар сыһыаннаах кинигэлэри, «Легенда о Ярхадане» диэн дьүкээгир тылынан ойуулугу, ырыаһыттар Ирина Дускулова, Макар Курилов альбомнарын уонна дьүкээгир норуотун чаҕылхай бэрэстэбиитэллэрэ Матрена Тохтосова, Полина Курилова, Анна Вырдылина, Анна Неустроева тустарынан брошюралары билиһиннэрдилэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: