Уус Алдан улууһунааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигэ, Өнөр нэһилиэгин дьаһалтата Николай Захарович Копырин төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан дьыктаан тэрийдэ.
Бибилэтиэкэ дириэктэрэ Варвара Николаевна Окоемова ытык киһи олоҕун, үлэтин сырдатыы эрдэттэн ыытыллыбытын этэр:
– Копырин дьыктаана өрөспүүбүлүкэтээҕи “Бары ааҕабыт” бырайыак чэрчитинэн ыытылынна. Манна 19 улуустан, Дьокуускайтан, улууспут 23 бөһүөлэгиттэн уонна Вьетнам Ханой куоратыттан тиийэ кыттыыны ыллылар. Дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн, тэрээһин сарсыарда 10-тан киэһээ 22 чааска диэри буолла. Барыта 555 киһи киһи кытынна. Ыйытыыларга сөптөөх хоруйдары биэрбит 14 киһи сүүстүү баалы ылла.
Түмүккэ, кыттыбыт дьоҥҥо сэртипикээттэр, кыайыылаахтарга анал бириистэр туттарылыннылар.
* * *
Н.З.Копырин биллиилээх литературовед, литературнай кириитик, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, филология билимин хандьыдаата, Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, Уус Алдан улууһун, Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…
ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…
Бу туһунан бүгүн #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ. "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…
Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…