Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий?

Share

Дьыл Оҕуһун муоһа хаһан түһэрий  диэн мөккүөр сыл аайы күөдьүйэр.  Оттон дьиҥнээҕэ хайдаҕый? Саха төрүт култууратын чинчийээччи, “Кут-сүр” үөрэх түсчүтэ, бөлүһүөк Анатолий Павлов-Дабыл санаата биир:

—Былыр-былыргыттан Тымныы Оҕуһун муоһа олунньу 12 күнүгэр, иккис муоһа 24 күнүгэр түһэр диэн өйдөбүл баар. Өбүгэлэрбит итини халлаантан мээнэ ылбатахтара ээ. Үөрэҕэ суох былыргы дьон халлаан эттиктэрин хаамыытынан олохторун-дьаһахтарын тэринэллэрэ, ити аныгы астрономия үөрэҕин кытары сөп түбэһэр.

Хаартыска: социальнай ситимтэн

Сахаларга Дьыл Оҕуһа диэн ааттанар «Телец» бөлөх сулус (созвездие), алтынньыга халлааҥҥа көстөр. Ый кинини кытта алтыста да, кыстыгы ааҕан киирэн бараллар. Ол сулус хайдах улаатан, уоттанан иһэрин кэтииллэр. Икки муоһун тус-туспа ааттыыллар. Былыр сахаҥ халлааны кэтээн көрө олорор. Ол сулус олунньу ортотуттан биир муоһа (сулус) сүтэн хаалар. Ол аата күн көтөҕүлүннэ, сырдык эбилиннэ, бу сулус сүттэ диэн буолар. Олунньу 24 күнүгэр эмиэ көрбүттэрэ, иккис муоһа сүппүт буолар. Астрономияҕа бу барыта сурулла сылдьар: хотугу эргимтэҕэ «Телец» сулустара олунньуга сүтэллэр» диэн. Саха былыргы номохторугар ити көстөн ааһар. Хасыһан аахтахха, барыта орун-оннугар түһэр.

—Оттон ити тохсунньу 31 күнүгэр бастакы муоһа түһэр диэн, тоҕо мөккүөр тахсарый?

— Ити православнай халандаарга баар Охонооһойоп тымныыларын кытары бутуйаллар. Нууччаларга ол кэмҥэ тымныылара сыппыыр буоллаҕа. Сахалар былыр күннэрин-дьылларын таҥара күнүнэн буолбакка, халлаан эттиктэрин эргииринэн ааҕаллара. Сулустар бөлөхтөрө, планеталар бары сахалыы ааттаахтар. Ый-күн, сулустар, планеталар эргиирдэрэ сирдээҕи олоххо дьайаллар, онон сирдэтинэллэрэ.

Бу көрүүнү Эһээ Дьыл, “Аар Айыы үөрэҕин” төрүттээбит В.А. Кондаков эмиэ тутуһаллара.

Онон, тохсунньу 31 күнүгэр — Дьыл оҕуһун муоһун кылаана кыларыйар, улахан тымныылар сыппыыллар, олунньу 12 күнүгэр — бастакы муоһа түһэр, олунньу 24 күнүгэр — иккис муоһа түһэр, кулун тутар 7 күнүгэр моонньоох баһа быстар, кулун тутар 19 күнүгэр көхсө «күр» гына сууллар.

Онтон А.Е. Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй «Научные труды» кинигэтигэр: «Дьыл оҕуһун бастакы муоһа тохсунньу 31 күнүгэр, иккис муоһа олунньу 12 күнүгэр түһэр» диэн суруллан сылдьар.

1918 сыл тохсунньу 31 күнүгэр эдэр Сэбиэскэй Сойуус юлианскай халандаартан григорианскай халандаарга көспүтэ. Бу григорианскай халандаары Европаҕа номнуо туһанар этилэр, онно сөп түбэһээри, уларыппыттара. Онон тохсунньу 31 күнүттэн сарсыныгар тута олунньу 14 күнэ буолан хаалбыта.

Оттон Өксөкүлээх Өлөксөй «Научные труды» үлэтин, норуот кэтээн көрүүтүгэр олоҕуран, эрдэ хомуйбута, суруйбута. Баҕар, буккуур бу халандаар уларыйыытыттан тахсара буолаарай? 1918 сыл иннинэ халлааҥҥа «Телец» сулус «муоһа» тохсунньу бүтүүтэ сүтэрэ буолуо? Онтон халандаар уларыйыытынан, тута олунньу 12 күнүгэр көһөн биэрдэҕэ.

Ыспыраапка:

Юлианскай уонна григорианскай халандаар араастаһыыта — билигин 13 күн (мөккүөр төрүөтэ бу сылдьар). 400 сыл буола-буола юлианскай уонна григорианскай халандаар араастаһыыта 3 суукканан улаатан иһэр.

Юлианскай халандаарга 12 ый, 365 күн баар. Чорбохтоох (високоснай) сылга биир күн эбиллэр. Онон, бу халандаарга сыл уһуна ортотунан 365,25 күҥҥэ тэҥнэһэр. Оттон Күн хаамыытынан ааҕыллар халандаарга сыл уһуна — 365 хонук 5 чаас, 48 мүнүүтэ, 45 сөкүүндэ. Ол эбэтэр, сыл аайы 11 мүнүүтэ 15 сөкүүндэнэн араастаһан, мунньуллан испит.

Григорианскай халандаар Римҥэ 1584 сылга ылыллыбыта. Бу кэмтэн ыла мунньуллубут араастаһыытын барытын 1918 сыллаахха уларытан кэбиспиттэрэ, быдан чуолкай григорианскай халандаарга көспүттэрэ.

edersaas.ru архыыбыттан.

What’s your Reaction?
+1
12
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бырабыыталыстыба отчуота дьон-сэргэ этинэригэр кыах биэрэр

«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан быйылгы сыллааҕы тутууну бэлиэтээн ааста

“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

СӨ Ыччат бэлиитикэтин туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киириэҕэ

“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр сөптөөх соруктар туруорулуннулар

Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…

3 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үлэтэ суох 50 саастаах эр киһи биэнсийэлээх дьахтар харчытын уорбут

Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олунньуттан үлэтэ суохтарга босуобуйа муҥутуур кээмэйэ үрдүө

Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…

3 часа ago