Дьыл оҕуһун — Тымныы иччитин иккис муоһа түстэ
24.02.2024, 09:36
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:
Тымныы оҕуһун «былааһа» сыппааһынын туһунан маннык бэлиэтээһиннэр бааллар.
Ол курдук:
Тохсунньу 31 күнэ — кылаана кыларыйар. Олунньу 12 күнэ — оҕус бастакы муоһа тостон, ыарыыланар, тымныы түһэр. Олунньу 24 күнүгэр иккис муоһа тостор, тымныы мүлүрүйэр.
«Тымныы иччитин 2-с муоһа туллар уонна Саха сиригэр улахан тымныы тохтуохтаах. Түүҥҥү тоҥот, сарсыардааҥҥы дьыбар уонна туман биллэн турар баар буолуохтара. Күнү-дьылы билгэлээччилэр да халлаан лаппа сымныа дииллэр» диэн бэлиэтиир биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, суруйааччы Гавриил Угаров – Эһээ Дьыл.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: