Бүгүн Таатта улууһун Туора Күөлүгэр саҥа 50 миэстэлээх уһуйаан үлэҕэ киирдэ. Үөрүүлээх түгэнинэн И.Н.Гуляев аатынан оскуола-уһуйаан дириэктэрэ Оксана Николаевна Гуляева санаатын маннык үллэһиннэ:
«Улуу олоҥхоһуттарынан, уран тарбахтаах уустарынан аатырбыт Тааттабыт улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр бүгүн үөрүүлээх күн тосхойдо. Оҕолор, уһуйаан үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, олохтоохтор бука бары ыра санаа оҥостубут, өр сылларга кэтэспит уһуйааммыт аһыллар дьоро күнэ үүннэ. Оскуолабыт 100, уһуйааммыт 65 сыллаах үбүлүөйдэрин көрсө дьоһун суолталаах бэлэх буолла.
Биһиги саҥа уһуйааммытыгар 2 бөлөҕүнэн 50 оҕо аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэр усулуобуйаҕа иитиллиэҕэ, үүнүөҕэ-сайдыаҕа. Педагогическай, тэхиньиичэскэй каадырдарынан толору хааччыллан олоробут.
Биһиги нэһилиэкпит кырачаан оҕолоро иитиллэр саҥа, аныгылыы толору хааччыллыылаах уһуйааннара “Развитие образования РС(Я)”/“СӨ үөрэҕин сайдыыта” инвестиционнай бырагырааманан тутулунна. Ол курдук, сакаасчыт — Таатта улууһун дьаһалтата, генеральнай бэдэрээтчит – “Монтажник” производственнай кэпэрэтиип. Бу кэпэрэтиип дириэктэринэн оскуолабытын туппут Дьүлэй нэһилиэгин күтүөтэ Ханин Александр Михайлович буолар.
Кэнчээри ыччаттарбыт эргиччи сайдар, тупсаҕай усулуобуйаҕа эргиччи сайдыылаах буола улааталларыгар, үүнэллэригэр-сайдалларыгар, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев үөрэхтээһин бэлиитикэтигэр үлэлэтэр бырагыраамалара олук буолаллар, ону биһиги нэһилиэк олохтоохторо дьиҥ-чахчы биллибит, саҥа таас оскуолаланан, уһуйааннанан дьоллоннубут.
Бу уһуйааммыт аһыллар үөрүүлээх күнүгэр барҕа махталбытын тиэрдэбит дойдубут Бэрэсидьиэнигэр Владимир Владимирович Путиҥҥа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Таатта улууһун баһылыгар Айаал Семенович Бурцевка, саамай кэпсэтиитин ыыппыт, сүүрбүт-көппүт нэһилиэкпит аҕа баһылыгар Олег Дмитриевич Осиповка.
Дириҥ махталбытын тиэрдэбит оскуолабыт попечителигэр, Туора-Күөлү иккис дойду оҥостубут, Туора-Күөл ыччаттара үүнэллэригэр-сайдалларыгар сүдү, үйэлээх умнуллубат бэлэҕи оҥорбут “Монтажник” производственнай кооператив салайааччытыгар Ханин Александр Михайловичка.
Түмүкпэр этиэҕи баҕарыллар, бу сүдү тутуулар баралларыгар, Арассыыйа хайа да муннугар олорор оҕо сөптөөх усулуобуйаҕа үүнэригэр-сайдарыгар болҕомто уурар — дойдубут Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин. Модун Арассыыйабыт инникитин сайдыы үрдүк чыпчаалларыгар тиийдин».
Хаартысканы: О.Н.Гуляева ыытта
Икки күн устата ыытыллыбыт "Бизнес-Экспо 2024" Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…
Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…
Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…
2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…
“Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…