Дьылҕа Хаан тыйыс ыйааҕа…

Share

Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөл олохтоохторо үйэлэрин тухары хара тыаны батан, халыҥ тайҕаны сыыйан, хайалары дабайан бултаан-алтаан олорор удьуор булчут дьон.

Ол да иһин, дойдуларын тыатынан, хайаларын быыһынан булду сырсан уһу­йуллубут бырааттыы Иван уонна Василий Бугаевтар ба­­йыаннай дьайыыга бэргэн ытааччыларынан биллэллэрэ. Хомойуох иһин, Василий Бугаев байыаннай дьайыыга сылдьан, кыргыһыы хонуутугар сырдык тыына быстыбыта. Бүгүн быраатын туһунан Иван Бугаев ахтыытын таһаарабыт.

Оҕо сааһа

Бырааппын кытары оҕо сааспыт Кэбээйи улууһун Сиэгэн Күөлүгэр ааспыта, ломуут эбээннэрэбит. Аҕабыт Иннокентий Иннокентьевич – кадровай булчут, ийэбит Прасковья Егоровна учаастактааҕы балыыһаҕа санитарка этилэр. Аҕабыт аҕата – эһээбит Нам улууһун Арбыныттан төрүттээх, Аҕа дойду Улуу сэрии­тин кыттыылааҕа, Япо­нияны утары киирсиигэ Монголияҕа сулууспалаабыта. 2009 сыл күһүнүгэр аҕабыт бултуу сылдьан куһаҕан буол­бута. Биһиги бииргэ төрөөбүт биэс этибит. Василийбыт биһиги аймах киэн туттар, аҕабыт туйаҕын хатарыахтаах, кадровай булчут, туох баар аймахтарбытын бул­­таан-алтаан аһатаач­чы этэ. Быраатым, хомо­йуох иһин, байыаннай дьайыыга сылдьан сырдык тыына быстыбыта. Кини 1994 сыллаахха алтынньы 8 күнүгэр Сиэгэн Күөлгэ төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн таптаан Василек диэн ааттыырбыт. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан успуорка дэгиттэр этэ, араас күрэхтэһиилэргэ кыттан ситиһиилэнээччи. Олох кыра оҕо эрдэҕиттэн аҕабыт бултуурга үөрэппитэ.

Олоххо хардыы

Василий сааһын ситэн Хабаровскай кыраай Князь-Волконскай бөһүөлэгэр баар  мотострелковай чааска БМП бойобуой массыынаҕа суоппар-мэхээнньигинэн сулуус­патын саҕалаабыта. Алта ый сулууспалаан баран, саанан ытыы күрэҕэр үрдүк көрдөрүүлэнэн, снайпердар бөлөхтөрүгэр көһөрүллүбүтэ. Аармыйаҕа спортивнай дьарыкка ураты болҕомто ууруллар. Эт-хаан өттүнэн күүстээх саллаат, биллэн турар, ба­­йыаннай бэлэмнэниигэ эмиэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ. Аармыйаҕа сылдьан сиппитэ-хоппута, сулууспата кини инники олоҕор өйөбүл, тирэх буолбута.

Аармыйа кэнниттэн төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлэн үлэлээбитэ, бултаабыта. Кини мэлдьи хамсана-имсэнэ сылдьара, хаһан да мээнэ олорбот этэ. Бириэмэ булла даҕаны хара тыаны кэрийэ тахсара, мэлдьи илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн дьонун үөрдэрэ. Чугас дьоммут инникитин бултаан-алтаан аһатар баар-­суох оҕобут кини буолуо диэн эрэ­нэллэр этэ.

Инники кирбиигэ

Бырааппын Василийы мобилизация саҕаланаатын, 2022 сыл балаҕан ыйын бүтүүтэ байыаннай дьайыыга ыҥырбыттара. Байыаннай идэлээҕин учуоттаан, штурмовой биригээдэҕэ разведчик-снайперынан анаабыттара. Булчут буолан бастааҥҥыттан ыстаарсай снайперынан сылдьыбыта. Кинини кытары уот кыргыһыыга сылдьыбыт бойобуой доҕотторо бэргэн ытааччы, эрэл­лээх табаарыс этэ диэн кэпсииллэр. Быраатым тыйыс усулуобу­йаҕа бултуурга-алтыырга үөрү­йэх буолан, ханнык баҕарар уустук балаһыанньаттан тахсара. Бииргэ сэриилэспит уолаттара ахталларынан, бэргэн ытааччы эрэ буолбакка, күннээҕи олоххо окуопа хаһыыта, блиндаж туттуута, ас-үөл булуута буоллун, сатабыллаахтык быһаарар эбит. Булчут буолан бэйэтин биригээдэтигэр араас булду, куобаҕы, туртаһы, фазаны өлөрөн уолаттарын улаханнык абыраабыт.

Оттон инники кирбии­гэ Васябыт сатабыллаах уонна хорсун сэрииһит этэ, кыргыһыы кэмигэр ыарахан балаһыанньаҕа бэйэтин кытаа­нах санаатынан салайтарара. Байыастарын сөптөөхтүк салайан, маскировканы, бүрүөһүнү сабарга, өстөөх саба түһүүтүгэр хайдах утарылаһарга уонна тохтоло суох уоту ыытыы үөрүйэхтэригэр үөрэппитэ. Табаарыстара кэпсиил­лэринэн, сэрии сэбин бары көрүҥүнэн сатабыллаахтык уонна бэргэнник ытар этэ.

Олох быстыыта

Быраатым наһаа үөрүнньэҥ, аламаҕай, эйэҕэс, олоҕу таптыыр киһи этэ. Кини өссө даҕаны олоҕу толору олорор баҕа санаалааҕа, ол эрээри Дьылҕа Хаан тыйыс да буолар эбит. 14 ый устата уоппуската суох сылдьан улаханнык сылайбыт этэ. Ол иһин мин, хайдах эмэ тиийэн туруорсарга сананан, 2023 сыл күһүнүгэр Оборуона министиэристибэтин кытары биир сылга хантараак баттаһан быраатым сылдьар сиригэр тиийбитим. Байыаннай дьайыыга кэлэн баран быраатым уоппускатын туруорсубутум, хамандыырдарын кытары кэпсэтэ сатаабытым. Хата, Петр Лебедев диэн Саха сирин Тирэх пуунун салайааччытын кытта сүүрэн-көтөн, айдааннаах уоппусканы ситиспиппит, бири­кээс баттаммыта. Петр Лебедев Амматтан төрүттээх,  байыаннай дьайыыга сахаларга элбэх көмөнү оҥорбут киһи. 2023 сыл ахсынньы 22 күнүгэр быраа­тым кэтэһиилээх уоппускатыгар барыахтаах этэ. Ол эрээри Дьылҕа Хаан атыннык дьаһайбыта. Ахсынньы 19 күнүгэр өстөөх тирэх пуунун ылыыга кимэн киирии саҕаламмыта, онно быраатым бөлөҕө киирсэр буолбута. «Аҕыйах хонугунан уоппускаҕа барыам, онон уолаттарбын бырахпаппын» диэн кинилэри кытары киирсибитэ уонна тахсыбатаҕа. Хамандыырыгар эппитим үрдүнэн киллэрбиттэрэ, Дьылҕа Хаан тыйыс тыына илгийэн, быраатым сырдык тыына кыргыһыы хонуутугар быстыбыта.

Василий уоппускаҕа барыахтааҕа…

Бойобуой сорудаҕы чиэс­тээхтик уонна хорсуннук толорбутун иһин  ефрейтор Василий Бугаев 2023 сыл от ыйыгар «Хорсунун иһин» уордьанынан наҕараадаламмыта. Байыаннай дьа­йыыга сылдьан төһө кыалларынан дьонун, доҕотторун кытары сибээстэһэрэ, хаартыс­каларын уонна видеоларын ыытара. Ол эрээри кимҥэ даҕаны наҕараада ылбытын туһунан ыһа-тоҕо кэпсээбэтэҕэ, сэмэй майгы­лаах этэ. Ол бүтэһик күн Василий уоппускаҕа барара бу кэлбит киһи чааһыгар хаалыан сөп этэ, ол эрээри бо­­йобуой доҕотторун бырахпатаҕа, тоҕо диэтэххэ, киниэхэ бүк эрэнэл­лэрэ. Бу балтараа сыл устата бо­­йобуой доҕотторун кытары мэлдьи бииргэ сылдьыбыта, төһөтө өлүү айаҕыттан быыһаммыттара буолуой. Киниэхэ итэҕэ­йэллэрэ, хаһан даҕаны киһи даҕаны, хамандыыр даҕаны быһыытынан кими даҕаны түһэн биэрбэтэҕэ.

Мин хомойорум баар, инники кирбиигэ сылдьан, быраатым баар сириттэн 10-тан тахса км эрэ тэйиччи Марфополь диэн дэриэбинэҕэ сытан, тыын­нааҕын көрсүбэккэ хаалбыппыттан. Хаартыскалары көрө олорон, Чубаревка диэн дэриэбинэҕэ биһиги олорбут дьиэбитигэр кини өлүөн иннинэ олоро сылдьыбытын кэлин билбитим. Мин онно күн аайы бэнсиин, ас ыла  хаста эмэ сылдьар этим ээ уонна биирдэ даҕаны көрсөн ааспатахпыттан кыһыйабын.

Билигин кэлэн, итиччэ эрэ­йинэн уоппускатын ситиһэн баран, өлүү айаҕыттан кыайан быыһаабатахпыттан олус абарабын. Дьылҕа Хаан көрүһүннэрбэтэҕэ, бачча чугас сылдьан, саатар бүтэһигин быраап­пын кытары утарыта олорон чэй испэтэхпиттэн олус хомо­йобун…

What’s your Reaction?
+1
15
+1
3
+1
0
+1
0
+1
2
+1
5
+1
33

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Бырабыыталыстыба байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин дьиэнэн хааччыйыыга төлөбүр бэрээдэгин бигэргэттэ

РФ Бырабыыталыстыбата 2024 сыл сэтинньи 7 күнүнээҕи 1509 №-дээх уурааҕынан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин…

22 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Атах тэпсэн олорон, кэпсэтиэх»: эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев

Сотору кэминэн кэнсиэртээри сылдьар, көмүс куоластаах Иоганн Матвеев "Атах тэпсэн олорон, кэпсэтиэх" биэриигэ ыалдьыттыыр. Кини…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Танда быһыйа Анатолий Заболоцкай

Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ, “Саха – Азия оҕолоро” пуонда стипендиата, Уус…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин байыаһа Айсен Николаевка байыаннай дьайыыттан аҕалбыт дронун туттарда

Бэҕэһээ Айсен Николаев уоппускатыгар дьиэтигэр кэлбит «Чех» диэн позывнойдаах  байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кытта көрүстэ диэн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эмис соботунан аатырар Ньидьили эбэҕэ алыһар, сордоҥ тоҕо эмискэ элбээтэ?

Соторутааҕыта социальнай ситимнэринэн тарҕаммыт видеоттан эбэ аттыгар баар нэһилиэктэр эрэ буолбакка, Ньидьили соботун сөбүлээн сиир…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Дьокуускайга оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара

Киин куорат саҥа маршрутнай ситимин бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрии чэрчитинэн, оптуобус 10 маршрутунан – 2-с,…

2 часа ago