Дьылҕа ыытар бэлиэлэригэр итэҕэйэҕит дуо?
Киһи олоҕор туох эбит үчүгэй эбэтэр куһаҕан буолаары гыммытын дьылҕа эрдэттэн сэрэтэр эбит. Маны сатаан өйдөөн көрөр киһи олоҕор туһанарын туһунан дьиҥ олоххо даҕаны, интэриниэккэ даҕаны киһи эрэ итэҕэйиэх холобура үгүс.
Норуокка олоҕуран хаалбыт араас бэлиэлэр бааллар. Холобура, кыһыл көмүһү сүтэрии ыал буолууга, оттон булуу өлүүгэ, сүтүүгэ дииллэр. Аны кураанах иһиттээх дьахтары аара көрүстэххинэ, суолгун хара куоска быһа сүүрдэҕинэ былааннаабытыҥ табыллыбат. Аһыыр остуолтан кыра ньуоска муостаҕа түстэҕинэ үтүө ыалдьыт кэлэрин, оттон быһах түстэҕинэ итирик киһи, күүтүллүбэтэх ыалдьыт кэлэрин күүт диэн олоҕурбут бэлиэлэргэ дьон былыргыттан итэҕэйэр.
Дьылҕатыгар туһаайбыт
Сорох дьон мунаахсыйдахтарына, анаан-минээн дьылҕаларыгар туһаайан, бэлиэ ыыталларыгар көрдөһөллөр эбит. Биир билэр кыыһым маннык түгэҥҥэ куруук: “Сөп быһаарыныыны ылынан эрэр буоллахпына бэлиэтэ ыыт, бастакы түбэспит светофорум уота күөҕүнэн тыктын”, – диирин кэпсээбитэ. Кырдьык, светофор күөҕүнэн тыган көрүстэҕинэ дьыалата табыллан иһэр, оттон кыһыл, араҥас өҥнөр тыктахтарына, бөрүкүтэ суох дьыала буолан эрэр эбит диэн эрдэттэн онуоха бэлэмнэнэр эбит.
Маныаха майгынныыр биир түбэлтэни кылааһынньыссам эмиэ даҕаны соһуйан, эмиэ даҕаны үөрэн кэпсээбитэ:
– Былырыын баччаларга массыына атыылаһаары харчы мунньуммутум. Түөкүттэр моһуоктааннар, аны сүгүн гыныахтара суоҕа диэммин, каартаҕа муспут харчыбын барытын баантан устан ылбытым. Элбэх харчыны суумкаҕа укта сылдьар сэрэхтээх. Онон хас эмит сылы быһа муспут уурунуубун дьиэбэр аҕалан кистээн кэбистим. Умнугаммын билэбин, онон дьыбааным анныгар уруккуттан кистиир сирбэр уурдум. Ол эрээри, аны ол кистэлэҥ сирбин бара-кэлэ дьоммор даҕаны кэпсээбитим, бэйэбиттэн ураты элбэх киһи билэрэ. Билиҥҥи үйэҕэ киһи чугас киһитигэр даҕаны итэҕэйэрэ сэрэхтээх, онон харчыбын эрэллээх сирин булан көһөрөргө сананным. Ол киэһэни быһа элбэх харчыны илиибэр туппатаҕым ырааппыт буолан дуу, долгуйаммын дуу, миэстэттэн миэстэҕэ кып-кыра дьиэ иһигэр көһөрө оонньуу сырыттым. Киһи даҕаны күлүөх курдук. Дьэ, эрэллээх сири буллум диэммин, хартыына кэннигэр кистээтим.
Массыынабын атыылаһар күнүм-дьылым тиийэн кэллэ. Үөрүүбүттэн хайдах даҕаны буолуохпун билбэппин. Өр ыраламмыт баҕа санаам туолара аҕыйах чаас хаалла, харчыбын биэрэн, дуогабар баттаһарым эрэ хаалла. Харчыбын илдьэ бараарыбын били хартыынабын сыҕарыттым… Туох даҕаны суох! Бай! Хайдах-хайдаҕый? Итэҕэйбэккэбин хаста даҕаны хартыынабын эргиттим-урбаттым. Дьиктитин! Харчыбын чопчу манна кистээбитим ээ, ханна сүттэй, ким ыллай? Дьиэбэр кимнээх ыалдьыттаан ааспыттарыгар төбөбүн сыстым, аны бары киһи итэҕэйэр, эрэнэр дьоно ээ. Кими балыйыахпын сөбүй? Ийэбин дуо? Эбэтэр кэргэн тахсаары сылдьар уолбун дуу? Биитэр чугас дьүөгэм ылбыта дуу? Эс, кинилэртэн хайдах даҕаны маннык быһыы тахсыбатын билэбин. Онон уоскуйан, ханна эрэ бэйэм кичэллээхтик кистээн баран булкулла олоробун диэн санаатым.
Ол түүн харчыбын санаан утуйбатым. Бу кып-кыра дьиэм иһиттэн хайдах, ханна барыай? Ханна эрэ кистэнэн аҕай сыттаҕа. “Чэ, дьылҕам истэр эбит буоллаххына, сарсын миэхэ бэлиэтэ ыытаар! Сүрэ бэрт, сиргэ симэлийбиттии сүтэрэ…” диэн таска таһааран саҥардым. Сарсыарданан аҕыйах чаас утуйан баран үлэбэр бардым. Сүтүктээх киһи туох улахан настарыанньата кэлиэй, күнү быһа санааҕа баттатан сырыттым. Испэр били дьылҕам бэлиэтин онтон-мантан күүппүтэ буоллум. Киэһэ дьиэлээн иһэммин аттыбынан ааһар массыыналаах дьону ымсыыра көрөбүн. Үчүгэйин! Мин эмиэ кинилэр курдук сылдьар буолуохтаах этим…
Суолу туораары турдахпына аттыбар үүт-үкчү мин курдук сонноох дьахтар кэлэн турда. Үөрбүт-көппүт, күлэр-салар, кимниин эрэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэр. Ол быыһыгар анараа киһитигэр: “Инна, кууркаҕын химчисткаҕа сууйтар, бэйэҥ сууйумаар. Пахай, сууйдуҥ даҕаны, ол сон сон аатыттан ааһар буоллаҕа дии!” – диэтэ. Кырдьык даҕаны, мин эмиэ соннорбун химчисткаҕа сууйтарбыт киһи. Хата, дьиэбэр тиийэммин ону бэрийиэм, күн сарсын дьиэм таһыгар баар химчисткаҕа туттарар эбиппин диэн санаатым. Дьиэбэр кэлэн ыраата барбакка, соннорбун бэрийдим. Кэтиллэр кэмнэрэ даҕаны чугаһаабыт эбит. Сиэптэриттэн бытархай харчылары, үтүлүктэрбин хостотолоотум. Били, маарыҥҥы дьахтар кэтэ сылдьарын курдук сонум сиэбин хастым… Суулаах харчым тахсан кэллэ! Үөрдэхпин! Дьоллоннохпун! Арба даҕаны, дьыбаан анныттан хостооммун, ыскааппын арыйан куурка сиэбигэр укпутум ээ! Оо, накаас диэтэҕин, умнуганым диэн сүрдээх эбит! Маарыҥҥы дьахтары дьылҕам бэлиэ гынан ыыппыт эбит диэн махтана санаабытым. Аҕыйах күнүнэн баҕалаах массыынабын атыылаһаммын, баччааҥҥа диэри тимир көлөбүн аргыс оҥосто сылдьабын.
Утары баран былдьаммыт
Дьылҕа бэлиэлэрин көрө-көрө ону утары барар эмиэ табыллыбат дьыала эбит. Чэ, ону киһи хайдах ылынарыттан диэххэ сөп. Олоххо буолбут иккис түбэлтэни холобурдуум.
Иван Петрович И. (аатын уларыттым) 60 сааһын ааспыт киһи. Үйэтин тухары хонтуораҕа буҕаалтырынан үлэлээбитэ, онон хара үлэ диэҥҥэ убамматах киһи. Эдэр сырыттаҕына кэргэнэ массыыналаныахха, суоппар быраабын туттар дии сатаабытын батынан кэбиһэрэ. “Хонтуора иһигэр биир кэм олорорбор эмиэ тугун массыынатай, сатыы даҕаны сылдьыллыа, дьон курдук оптуобуһунан айанныахха. Массыыналанан даҕаны таах уһун-киэҥ пробкаҕа туруохпут, бэнсииҥҥэ харчы бөҕөтө барыаҕа”, – диэн тыллаах буолара үһү. Ойоҕо барахсан бэйэ бас билэр массыынатыгар олорсубакка, ыалдьан анараа дойдуга аттаммыта түөрт-биэс сыл буолла. Үйэтин тухары куорат биир уһугуттан биир уһугар диэри оптуобуһунан сылдьан үлэлиирэ.
Иван Петровичпыт аны дьэ кэлэн суоппар буоларга сананан, былырыын син өр эриһэн суоппар быраабын ылбыта. Былыр туттарарга быраабылалара судургу эрдэҕинэ туттаран кэбиспэккэбин, бириэмэ, сыра-сылба, харчы бөҕөтүн бараатым диэн абаран кэпсээн турардаах. Суоппар быраабын ылбыт киһи аны массыыналанар бөҕө буоллаҕа. Тас дойдулар сааҥсыйалара киирэннэр, массыына сыаната үрдээн тахсыбыт эбит. Онон киһибит эбии харчы булунарга төбөтүн сынньыбыт. Өр толкуйдуу барбатах, бааҥҥа тиийэн кирэдьиит көрдөөбүтүн улахан төрүөтэ суох аккаастаан кэбиспиттэр, биэрбэтэхтэр. Иван Петрович аймахтарыттан бырыһыаҥҥа харчы иэстииллэригэр көрдөһөөрү, хас эмит күнү быһа эргиэмсик быраатыгар эрийэ сатаабыт. Киһитэ төлөпүөнүн ылбатын курдук ылбатах. Хайыаҕай, хас даҕаны баантан аккаас ылан, аймахтарыгар сатаан сибээскэ тахсыбакка, элбэх бырыһыаҥҥа харчыны иэс биэрэр тэрилтэ өҥөтүнэн туһаммыт. Дьэ, баҕалаах массыынатыгар сөп буолар сууманы булбут. Онон массыынатын Японияттан аукционтан сакаастаан ылан, ааспыт ыйтан суоппар аатыра сылдьар.
Иван Петрович үөрүүтэ уһаабатаҕа. Бу халтараан кэмҥэ сайыҥҥы көлүөһэлээх массыынаны сүүрдэ сылдьан, онно эбии уопута суоҕа даҕаны таайдаҕа, остуолбаҕа кэтиллибит. Ол түмүгэр массыыната улаханнык хомуруйан, өрөмүөнүгэр киһи түүлүгэр көрөн баттаппатах элбэх харчыта наада буолбут. Маны ааһан аны массыына атыылаһарыгар ылбыт кирэдьиитэ эмиэ ыгар. Аҥаардас биэнсийэлээх эрэ киһиэхэ уустук балаһыанньа буолбут.
Сатамматах суоппар санаата түһэн олорон: “Ол иһин даҕаны, суоппар буола сатаабытым бастакы күнүттэн туох даҕаны табыллыбатаҕа. Суоппар быраабын уончата төхтүрүйэн туттарбытым, аны массыына ылаарыбын кирэдьиит ыла сатаабытым эмиэ табыллыбатаҕа, иэс көрдүү сатаабыппын, быраатым төлөпүөнүн ылбатаҕа. Аны бу үйэбэр төлөммөт иэскэ киирдим быһыылаах. Дьылҕам барахсан эрдэттэн сэрэтэ сатаабыт эбит…” – диэн кэпсээбиттээх.
Бу курдук дьылҕа араас бэлиэлэри ыытар эбит. Киһи быһаарыныыны сатаан ылыммат эбэтэр туохха эбит саарбахтыы саныыр буоллаҕына, бэйэтин интуициятын истиэхтээх, тула туох буола турарыгар болҕомтотун ууруохтаах. Маныаха дьылҕа куруук көмөлөһөрө саарбаҕа суох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: