Дьылҕам анаабыт хаһыата
Билигин бу номнуо олоҕум орто омурҕаныгар үктэнэн олорон, итинник диэн бигэтик этэр кыахтаахпын. Киһиэхэ сирдээҕи олох диэн биирдэ эрэ бэриллэр эбит буоллаҕына, мин олоҕум үтүө, кэрэ, сырдык, чаҕылхай кэмнэрэ – 19 сааспыттан саҕалаан, отучча сыла, чопчу бу «САХА СИРЭ» хаһыакка ааспыттар!
Оо, «Эдэр саас», эдэр саас!..
Суруналыыс идэтин таларга ахсыс кылааска үөрэнэ сылдьан, булгуччулаахтык быһаарыммытым. Онно юнкор быһыытынан, оройуоннааҕы «Ленинскэй тэрийээччи», оҕо аймах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бэлэм буол» хаһыаттарыгар хото бэчээттэниим төһүү буолбута.
Устудьуоннуу сылдьан, оччолорго М.К.Аммосов аатынан СГУ саха филологиятын уонна төрүт култууратын факультетыгар үөрэнэр кэммэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ» хаһыакка быраактыкабын барбытым. Салайааччым – биллиилээх суруналыыс Борис Павлов этэ. Суруналыыс буолуон баҕалаах кыргыттар – Света Пахомова, Света Халгаева, Света Гоголева, Люда Егорова уонна мин – Борис идиэйэтинэн «Саха сирэ» хаһыат иһинэн ыччакка аналлаах икки балаһа (разворот) таһаарар буолбуппут. Ону улахан хаһыат бастакы эрэдээктэрэ Василий Васильевич Кириллин тута өйөөбүтэ.
Ыччакка ананарын быһыытынан, «Эдэр саас» диэн ааттанара ордук диэн быһаарбыппыт. Онтон ити балаһабытыттан силис тардан, 1993 сыл сэтинньи 18 күнүгэр «Саха сирэ» хаһыат ыччакка аналлаах туспа сыһыарыыта күн сирин көрбүтэ
Биһигини, оччолорго университеты бүтэрээри сылдьар устудьуон оҕолору, «Эдэр саас» бастакы эрэдээктэрэ Уйбаан Уһунуускай, суруналыыстар Сардаана Баснаева, Валентина Бочонина үөрэ көрсүбүттэрэ. Хаһыат бастакы нүөмэриттэн саҕалаан, тигинэччи үлэлэһэн киирэн барбыппыт. Хаһыаппыт штатыгар талааннаах худуоһунньук Иннокентий Пестряков, «аттар» диэн баран муннукка ытаабыт доҕорбут Иннокентий Аммосов, «ийэбит» диэн ааттыыр аҕа табаарыспыт Зоя Кривогорницына эбиллибиттэрэ.
Эһиилигэр, мин үөрэхпин бүтэрээт, «Эдэр сааспар» кэрэспэдьиэнинэн үлэлии кэлбитим. Ол курдук, олук уурсубут хаһыаппар 7 сыл биир тыынынан үлэлээбитим. Хайдах эрэ дууһаҕа чэпчэки, мэлдьи үөрүү-көтүү, сырдык сыдьаай аргыстаах үчүгэй да кэмнэр этэ! Хаһыаппыт бастакы нүөмэриттэн ааҕааччыга сөбүлэтэн-биһирэтэн, киэҥник аатырбыта-сураҕырбыта. Ол сылларга бииргэ үлэлии сылдьыбыт дьоммун, суруйбут геройдарбытын, хаһыаппыт доҕотторун истиҥник, сылаастык ахтабын-саныыбын. Олоҕум күөгэйэр күннэрэ, ыллыыр-туойар, ойор-тэбэр кэрэ саастарым ыччат хаһыатыгар «Эдэр сааска» ааспыттарын дьолбунан ааҕабын.
Дьоҥҥо көмөлөстөрбүн диэн
Суут-сокуон, буруйу оҥоруу курдук ыарахан тыыннаах тиэмэҕэ суруйууларбын ити «Эдэр сааска» үлэлиир кэммиттэн саҕалаабытым. Онуоха «ЭС» иккис эрэдээктэрэ Альберт Соров төһүү буолбута. 90-с сыллар бүтүүлэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ уонна сүрүннээн, киин куораппытыгар буруйу оҥоруу аһара элбээбитэ, эдэркээн дьону өлөрүү сотору-сотору тахсар буолбута. Итинтэн сиэттэрэн, 1998 сыллаахха сүтүктээх ийэлэр Анна Корякина, Екатерина Иванова «Дьахталлар буруйу оҥоруу үүнэ-тэһиинэ суох барыытын утары» («Женщины против разгула преступности») диэн уопсастыбаннай тэрилтэ тэрийбиттэрэ. Дьэ, бу тэрилтэни, сүтүктээх төрөппүттэри кытта үлэлэһэргэ Альберт Михайлович миигин сыһыарбыта. Бэйэм сүрэх баастаах киһи, ити тиэмэҕэ ылсардыы ылсыбытым.
«Эдэр сааска» итинник араас тиэмэни хабан үлэлии-хамсыы сырыттахпына, биир үтүө күн улахан хаһыаппыт «Саха сирэ» сүрүн эрэдээктэрэ Василий Васильевич миигин кэбиньиэтигэр ыҥыран ылбыта. Уонна: «Вера, эн сокуон тиэмэтигэр сыстаҕаскын диэн көрөбүн. «Саха сиригэр» ити тиэмэҕэ хорутуулаахтык ылсыаххын баҕарбаккын дуо? Сделай себе имя. Толкуйдан», – диэн баран, үс күнү биэрбитэ.
Ити 2001 сыллаахха этэ. Улахан суруналыыс, сүрүн эрэдээктэрим итинник таба көрөн, өтө көрөн да диэххэ сөп, криминал курдук уустук тиэмэни миэхэ итэҕэйбитэ, эрэммитэ, «сделай себе имя» диэн алгыс курдук эппитэ – улахан, дьоһуннаах суруналыыстыка киэҥ аартыгар үктэннэрбитэ, ити иннинэ хаһан да арыйбатах ааннарбын арыйбыта. Бу олорон ырыта санаатахпына, эрэдээктэрим ити эрэлин түһэн биэрбэтэхпин, чиэстээхтик толорон кэлбиппин диэн чопчу этэр кыахтаахпын.
Ол эрэн, чэпчэки буолбатах этэ, ити суолум. Ордук – саҥа саҕалыырым саҕана. «Саха сирэ» хаһыакка киһи быраабын көмүскүүр аналлаах кэрэспэдьиэн дуоһунаһыгар ол ананыахпыттан, уурайан барыахпар диэри мэлдьи охсуһуу, көмүскээһин, тыҥааһыннаах киирсии тыыныгар, олохпут хараҥа, кирдээх, ыарахан да ыарахан өттүн сырдатыыга сылдьыбытым. Суруналыыстыкаҕа олоҕум оннукка анаммыта да диэхпин сөп.
Ордук бастаан утаа саҕалыырбар, итинник тиэмэҕэ хайдах суруйарга үөрэтэр, сүбэлиир-амалыыр, ыйан-кэрдэн биэрэр киһим суоҕуттан эрэйдэммитим. Сахалыы суруйарга. Ол кэмҥэ Макар Баишев, Егор Неймохов «Саха сирэ» хаһыаттан уурайан барбыт кэмнэрэ этэ. Арай «Якутия» хаһыакка Саргылаана Кычкина кыайа-хото үлэлээн эрэрэ.
Өссө биир ыарырҕаппыт суолум – бэйэм бииргэ төрөөбүт эдэркээн балтым киһи буруйунан өлбүт буолан, бастакы ыстатыйаларбын сүрэхпэр олус чугастык ылынан, харах уулаах олорон суруйарым. Биир олус ыарырҕаппыт, хас да күнү быһа кыайан суруйбакка наһаа эрэйдэммит бастакы дьыалам – аҕа саастаах кэллиэгэм, саха биллиилээх суруналыыһа Макар Баишевы өлөрүү дьыалата этэ… «Кырдьаҕас суруттарыан баҕарбат быһыылаах» дии санаабыппын билигин да өйдүүбүн.
Суруналыыс бэйэтин суолун бэйэтэ солоноро, атыттартан ураты буочарын, истиилин булунара – идэҕэ дьиҥнээх таптал, сындалыйбат күүстээх үлэ, дьаныар, өһөс майгы да диэххэ сөп, түмүгэ. Миэхэ оччолорго, эдэркээн суруналыыска, тылынан-өһүнэн, үтүө баҕа санаанан өйөбүл буолбут аҕа саастаах кэллиэгэлэрбин Михаил Слепцову (бэл диэтэр, миэхэ хоһоон анаабыта), Александр Самсоновы, Степан Юмшановы, Изабелла Антипинаны, Сергей Егоровы иһирэхтик, сылаастык саныыбын. Кинилэр ыстатыйам туһунан санааларын анаан-минээн киирэн этээччилэр, санаабын көтөҕөр тыллары анааччылар.
Махтанарым диэн – сүрүн эрэдээктэрдэрим өттүлэриттэн (Василий Кириллин, Наталья Харлампьева, Чокуур Гаврильев, Прокопий Бубякин) суруйууларбар улаханнык орооһуу, булгуччулаах сорудах, хааччахтааһын, бобуу суоҕа – ол иһин көҥүллүк тыынан, этиэхпин баҕарбыппын этэн, суруйуохпун баҕарбыппын суруйан кэлбитим диир кыахтаахпын. Миэхэ этэр да наадата суох этэ – өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, бэл диэтэр, сайдыылаах омук дойдуларыгар сокуоннарга туох уларыйыылар киирбиттэрин, мин тиэмэбинэн ханна хаһан туох буолбутун барытын кэтээн көрө, билэ, истэ сылдьарым, ону ааҕааччыларбытыгар бастакынан тиэрдэргэ дьулуһарым.
Холуобунай буруйдары суруйар буоламмын, сокуону билиэхтээхпин диэн, РФ Холуобунай уонна Холуобунай-процессуальнай кодексалара, араас юридическай кинигэлэр үлэм остуолугар мэлдьи сыталлара, суруйарым быыһыгар үөрэтэрим. Ол иһин буоллаҕа, уһун сыллар усталарыгар криминал тиэмэтигэр үлэлээбитим тухары биир да юридическай алҕаһы таһаарбатахпыттан уонна хаһыаппын да, бэйэбин да суукка үҥсүбэтэхтэриттэн испэр сэмээр үөрэбин, киэн да туттабын.
Үлэбэр иккис тирэҕим буолара – быраабы араҥаччылыыр уорганнары барыларын кытта биир тылы булан, ыкса алтыһан, өйдөһөн, быстыспат ситими олохтообутум. Олох аата олох – кинилэр үлэлэрин, үлэһиттэрин кириитикэлиир ис хоһоонноох ыстатыйалар балачча тахсан кэллэхтэрэ. Ол да буоллар, уорганнар итэҕэллэрин эмиэ ылбытым диир кыахтаахпын. Сиэрдээх, оруннаах суруйууларбынан, тэлэбиидэнньэ да эйгэтигэр таһаарыыбынан, кинилэрдиин дьыалабыай биэриилэри оҥорбуппунан.
Үлэлээбитим тухары тутуһан кэлбит сүрүн суолум – дьоҥҥо көмөлөстөрбүн, ааҕааччыбар туһалааҕы суруйдарбын диэн. Ааҕааччым итэҕэйбитигэр, суруйууларбын сэҥээрбитигэр билигин да махтана саныыбын. Ааппар уонна суруйар тиэмэбэр ханыылаан, Бэрээдэк Биэрэ диэн ааҕааччыларым ааттаабыттара, ол псевдоним буолан иҥэн хаалбыта, оннук илии баттыырым.
Биир ыал курдук этибит
Кэлиҥҥи сылларга олохпут оҥкула уларыйан, ол суруналыыстыкаҕа эмиэ биллэрдик дьайан, ону ылыммакка, 2019 сыл күһүнүгэр, олохпун анаабыт тапталлаах хаһыаппыттан уурайарга быһаарыммытым. Ити быһымах санаа түмүгэр ылыныллыбыт быстах буолбакка, сыта-тура толкуйдаан, барытын ыараҥнатан баран, ылыммыт быһаарыныым этэ.
Ол эрэн, бу уһун сыллар усталарыгар бииргэ үлэлээбит дьоммун, «Саха сирэ» хаһыакка араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт уонна билигин да үлэлии-хамсыы сылдьар кэллиэгэлэрбин, туох да күүркэтиитэ суох, сүрэхпэр сылаастык тутан, куппунан-сүрбүнэн истиҥник-иһирэхтик ылынан, куруук ахтабын-саныыбын. Бэчээт дьиэтэ иккис дьиэм курдук эбит буоллаҕына, бииргэ үлэлээбит дьонум – биир ыал, биир улахан дьиэ кэргэн курдук этибит.
Өрөспүүбүлүкэ сүрүн хаһыата «Саха сирэ» – мин Дьылҕам анаабыт хаһыата. Манна мин эдэр сааһым ааспыта, манна мин үтүө кэмнэрим ааспыттара, манна мин дьиҥнээх сахалыы суруналыыстыка чаҕылхай оскуолатын ааспытым.
Вера Макарова-Бэрээдэк Биэрэ,
«Саха сирэ» хаһыат ыччакка аналлаах «Эдэр саас»
сыһыарыытын 1994-2001 сылларга кэрэспэдьиэнэ,
“Саха сирэ» хаһыат 2001-2019 сылларга суут-сокуон
тиэмэтигэр аналлаах кэрэспэдьиэнэ, ырытааччыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: