Салгыы
Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ парашютнай спордунан дьарыктаналлар

Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ парашютнай спордунан дьарыктаналлар

Ааптар:
24.01.2025, 17:00
Хаартысканы Айыына Петрова, Александра Иванова тиксэрдилэр
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү орто оскуолатыгар үөрэнээччилэр парашютнай спордунан дьарыктаммыттара  быйыл 35 сылын туолла. Парашютнай кулууп  старшай инструкторынан  Иннокентий Вячеславович Иванов үлэлиир.

-Иннокентий Вячеславович, оҕо сааһыҥ, оскуолатааҕы кэмнэрин туһунан кэпсиириҥ буоллар.

—  1979 сыллаахха Дүллүкүгэ төрөөбүтүм. 1986 с. оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим, 11 кылааһы манна бүтэрбитим. Үөрэнэр кэммэр предметнэй олимпиадаларга кыттарым, спордунан дьарыктанар этим. Парашют кулуубугар 9 кылааска үөрэнэ сылдьан киирбитим, инструктор званиелаах бүтэрбитим. Сыал ытыытыгар Владимир Николаевич подземнай стрельбищелаах (сир аннынан тир) буолааччы. Онно 5-с кылаастан дьарыктаммытым. Билигин ытыыга  инструкторынан уонна парашют кулуубугар старшай инструкторынан үлэлиибин.

Хаартысканы Айыына Петрова, Александра Иванова тиксэрдилэр

— Ханна үөрэнэн идэ ылбыккыный?

— Оскуоланы бүтэрэн баран, Иркутскайдааҕы авиационнай колледжка үөрэнэ киирбитим. Онно 3 сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн авиатехник идэтин ылбытым, онтон армияҕа сулууспалыы барбытым. Кэлэн баран манна, Дүллүкүгэ, Владимир Николаевиһы көрсүбүтүм.  Кини миигиттэн “инструкторынан үлэлии киириэҥ дуо?” диэн ыйыппыта. Мин оскуоланы бүтэрэрбэр инструктор званиелаах бүтэрдэҕим дии, онон үөрэхтээх, парашюту билэр буоламмын, 2002 сыллаахха үлэлии киирбитим.

— Хас саастан парашютунан ыстаныахха сөбүй?

-Парашютунан 14 сааскыттан, пааспар  ылан баран, 8 — 9 кылаастан ыстаныахха сөп. Онно ыйааһыныҥ 45 киилэттэн  кыра буолуо суохтаах. Ыарытыйар, мөлтөх доруобуйалаах  киһи ыстанара көҥүллэммэт.

— Биир күн бэлэмнэнэн баран ыстаныахха сөп дуо?

-Биир күн бэлэмнэнэн баран ыстаммаккын, саамай кырата 1- 2 ый дьарыктаныахха наада.

-Дьарык хайдах барарый уонна разряд толорорго тугу гыныллыахтааҕый?

— Кулуупка сыл устата парашют материальнай чааһын, укладканы үөрэтэбит. Саас оҕолор элбэх зачёту туттаран, “горкаттан” ыстанан, мэдиссиинискэй хамыыһыйаны  ааһан баран ыстаныыга көҥүл ылаллар.

3-тэ ыстаннаххына 3-с разряды ылаҕын уонна 9 ыстаннаххына 3-с кылаастаах инструктор буолаҕын.

— Парашют спорда киһиэхэ туох туһалааҕый?

— Бу спорт көрүҥэ уолаттарга даҕаны, кыргыттарга даҕаны, нууччалыы эттэххэ, психологическай барьеры ааһарга, холобура, куттанаргын кыайарга көмөлөһөр дии саныыбын. Киэҥ халлааҥҥа көҥүл көтө сылдьаргыттан дуоһуйууну (адреналин) ылаҕын. Аармыйаҕа воздушнай-десантнай войскаҕа сулууспалыырга бэлэм буолаллар. Морской пехотаҕа манна ыстаммыт уолаттар олох чэпчэкитик сылдьаллар. Барьеры ааһарга 1-кы ыстаныыга киһи куттаммат,  2-с ыстаныыга  толкуйданаҕын, онтон 3-с ыстаныыга дьэ куттанаҕын, онно син долгуйуохха сөп. Уруккуттан ыстаммыттар үксүн үөһэттэн куттамматтар. Маннааҕы “горканы” ааспыт оҕолор эмиэ бэлэмнээхтэр. Билигин оҕолор дьарыктарга сылдьаллар гынан баран, кэнники кэмҥэ ыстаныыбыт суох, тоҕо диэтэххэ, хамсык дьаҥа туран тохтоон хаалбыта.

— Парашютистар ханнык бити-билгэни тутуһалларый?

-Парашютистарга улахан бит-билгэ диэн суох. Арай инструктордар, парашютистар  ыстанарга “последний прыжок” дииллэрин отой сөбүлээбэттэр, “первый прыжок”, “крайний прыжок” диэни тутталлар. Ону бити-билгэни итэҕэйии диэххэ сөп буолуо.

-Кэпсээҥҥит  иһин махтанабыт!

Үбүлүөйү көрсө оскуолабытыгар араас тэрээһин үлэ ыытыллар: кылаас чаастара, “35 үтүө дьыала” хамсааһын, ирдэбил үлэ, ““Десантник” парашют кулуубун 35 сыла” ахтыы-кинигэни таһаарыы.

Кинигэҕэ киирбит парашютист-выпускниктар ахтыыларыттан:

“…Парашютнай кулуупка дьарыктаммытым инники олохпор сүҥкэн көмө, төһүү күүс буолбута. Ол маннык этэ…

Тапталлаах оскуолабыт көрүдүөрүгэр улахан кылаастар парашют ыһаллар-хомуйаллар. Учууталбыт Владимир Николаевич Николаев баһылаан-көһүлээн оҕолору парашюттаах ыстаныыга үөрэтэр. Начальнай байыаннай  бэлэмнэнии  кылааһыгар тренажер оҥороннор эрчиллэллэр. Биһиги ээр-сэмээр тастан көрө сылдьабыт. Дьикти дьарык…

Бииргэ үөрэнэр оҕолорбутун кытта 1992 сыллаах хомуурга суруттаран, дьарыктанан барбыппыт. Кыһынын парашют хомуйарга, хайдах салайарга, самолеттан ыстанарга, сиргэ сөпкө тиксэргэ үөрэммиппит. Тренажерга араас уустук түгэннэртэн хайдах тахсары сиһилии, күүскэ үөрэппиппит, дьарыктаммыппыт. Сааһыары инструктордар кэлэннэр бэлэммитин тургутан көрбүттэрэ уонна ыстанар парашюттарбытын хомуйтарбыттара. Долгутуулаах күннэрбит үүммүттэрэ. “Ан-2” сөмөлүөт Дүллүкүбүт үрдүнэн көтөн кэлэн, Эбэ ыраас, муус маҥан хаарын шасситын хайыһарынан тэлэн, олоҥхоҕо кэпсэнэр аарыма көтөр курдук сиргэ кэлэн олорунан кэбиспитэ, киһи кутун-сүрүн долгутуон долгуппута. Нэһилиэк олоҕо күө-дьаа буола түспүтэ.

“Сөмөлүөккэ киирдибит!”диэн саҥаны истээт, биһиги бөлөх сып-сап соҕустук киирэн миэстэбитин булан олорунан кэбистибит. Самолет мотуорун эһэн, салгыны хамнатар салбахтара өрө ытылла түстүлэр, көтөр сиригэр тиийэн эргийэ тутан кэбистэ да, түргэн үлүгэрдик сүүрдэн кыырай халлааҥҥа биһигини таһаарда…

Сөмөлүөт иһигэр араҕас өҥнөөх десант таблота умайда, сирената иккитэ «биип» диэн тыас таһаарда, ити «бэлэмнэниҥ!» диэн сөмөлүөт пилот-хамандыыра  ыстанар сирбитигэр тиийэн эрэрбитин биллэрдэ. Бэлэмнэнии буолла. Өссө төгүл парашюппутун сирийэн көрөн баран, ыстанар ааммыт аһыллыбытынан ыраах аллара Дүллүкүбүт сирэ, тыата көстөрүн долгуйа да, куттана да көрөбүт. От күөх өҥнөөх табло умайарын уонна сирената «биип» диэн тыаһыырын кытта инструктор хамаандатынан аан боруогар тирэнэ-тирэнэ, хайдах үөрэппиттэрин курдук, оҕолор самолеттан түһүтэлээн бардылар…

Мин аан боруогар үктэнээт “Пошел!” диэн команда кэннэ кыырай халлааҥҥа ыстанан кэбистим. Парашют аһыллан, купола салгынынан туолбутугар уу-чуумпу буола түстэ. Тула өттүм ыраахха диэри, харах ыларын тухары, кэрэ көстүү эбит! Үөһэттэн аллара көрдөххө, дойдубут барахсан арылыйан сытара, киһини дьолунан толорор бэртээхэй даҕаны көстүү эбит этэ. “Атаҕым сири билбэт буола үөрдүм” диэннэрэ бу буолан эрдэҕэ. Тэйиччи парашюттаах оҕолор түһэн иһэллэрин көрөн үөрүү-көтүү буолла. Ити курдук этэҥҥэ сири буллубут, тоҥуу хаары оймоон парашюппутун хомуйан-дьаһайан кэбистибит, барыта кэрэ буолла…”

Никифоров Гаврил Яковлевич, Хабаровскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киин,  РФ ЫБММ  вертолетнай звенотун  инженерэ, Дьокуускай куорат, 2024 с.

“...Бастакы парашютунан ыстаммыт түгэммин билигин да умнубаппын: сөмөлүөттэн ыстанар уочаратыҥ кэллэҕинэ кыһыл лаампа тыгар, нуучча инструктора парашюккун таптайар уонна «Пошел!» диэтэҕинэ ыстаныахтааххын. Сөмөлүөт тыаһа улахана, киһи саҥата да иһиллибэт. Түннүгүнэн сири кѳрдѳххѳ дьиэлэр, мастар кыраларыын…  Мин ыстанар уочаратым кэлбитигэр долгуйан, сүрэҕим таска тахсыах курдук. Бииргэ кэлбит оҕолорбуттан кыбыстан, куттаммыппын биллэрбэккэ, харахпын быһа симэн баран сөмөлүөт аһаҕас аанынан халлааҥҥа ыстанным. Владимир Николаевич үѳрэппитин курдук «351, 352, 353» диэн испэр ааҕан баран кольцобун тартым, ол тухары харахпын симэн баран кѳтѳн иһэбин.  Парашютум купола тахсарын сэрэйбитим, онтон дьэ куполым салгынынан туолан, олоро биэрдим. Харахпын дьэ арыйдым: тулам уу чуумпу, сып — сырдык, биир да былыт суох. Арааһа, оннук чуумпуну баччааҥҥа диэри истэ иликпин. Үчүгэйиэн, халлааҥҥа  салгыҥҥа уйдаран кѳтѳн иһэрим! Куттаммытым, долгуйбутум ааһан хаалла.  Ити курдук иккис, үһүс ыстаныыбар «уопуттаах парашютист» буолан, харахпын симэ-симэ ыстаныы. Хата запаскабын биирдэ да таһаарбатаҕым, онон сэрэтии ылбатаҕым….”

Павлова (Анисимова) Аида Христофоровна, Үѳһээ Бүлүү с., 1 №-дээх «Ньургуһун» уһуйаан иитээччитэ,2024 с.

“Мин 1993 сыллаахха Оҥхой нэһилиэгин оскуолатыгар 9 кылааһын бүтэрэн, саҥа үөрэх дьылыгар 10-11 кылааска Дүллүкүгэ үөрэнэ кэлбитим. Үөрэнэр күммэр оскуолаҕа чугаһаан истэхпинэ,  соһуччу оскуола тиэргэнигэр полоса препятствий, парашютунан ыстанарга оҥоһуллубут анал  үрдүк тимир атахтарга турар, кэннигэр парашютунан ыстанарга рельсэлээх баараҕай самолет макета, ону таһынан БТР макета харахпар күүскэ хатаммыта. Кылааска киирэн өссө соһуйбутум: барыта байыаннай атрибутика, стендэ, чуолаан парашютнай, нууччалыыта «подвесная система» үөһэттэн ыйанан турарын, байыаннай устааптар, мастан кыһыллан оҥоһуллубут улахан байыаннай хараабыллар үүт-үкчү макеттарын бэлиэтии көрбүтүм. Кылааспар баар оҕолору кытары билсиһэн, үөрэхпит  саҕаламмыта. Учууталбыт Владимир Николаевич Д-1-5У десантнай парашют туохтан турарын, хайдах үлэлиирин, укладка курдук уустук эппиэтинэстээх үлэни иһин-таһын барытын үөрэппитэ, билигин да төбөбөр хатанан, күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. Сылын аайы Дьокуускайтан АН-2 самолет, сааскы каникул бириэмэтигэр олорор эбэбит Дүллүкү үрдүнэн көтөн ыстанааччыбыт. Мин барыта икки сыл иһигэр 9-та ыстаммытым. Дьон бөҕөтө көрө кэлээччи. Сылы быһа эрчиллэн, парашютунан ыстаныы кэмин улахан бырааһынньык курдук күүтэрбит…”

Вячеслав Андреев, РФ  Ис дьыала министиэристибэтин Ханалас улууһун отделын начальнига, полиция подполковнига

Санаа

Тихон Александрович Егоров, Дүллүкү орто оскуолатын дириэктэрэ:

Хаартысканы Айыына Петрова, Александра Иванова тиксэрдилэр

1989 с. Дүллүкү орто оскуолатыгар Николаев Владимир Николаевич көҕүлээһининэн тэриллибит парашютнай спорка оҕолору уһуйар кулууп күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиир. Бу манна элбэх оҕо дьарыктанан, инники идэлэрин кытта сибээстээн, авиация араас хайысхаларыгар үлэлииллэр.

Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга иитии — оскуолабыт биир сүрүн хайысхата буолар. Биһиги выпускниктарбыт летчигынан, авиация таможнятыгар, ойуур харыстабылыгар, ис дьыала уорганнарыгар, баһаарынай чаастарга, быыһыыр этэрээттэргэ анал идэҕэ үөрэнэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

“Десантник” парашютнай кулууп олунньу 8 күнүгэр 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Араас сылларга үөрэммит, кулуупка дьарыктаммыт выпускниктарбытын үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ күндү ыалдьыт буолан кэлэргитигэр ыҥырабыт. Бииргэ дьарыктаммыт оҕолоргутун көрсөн, уруккуну ахтан-санаан, ирэ-хоро инникини кэпсэтэн үөрүүбүтүн үллэстиҥ!

Парашют спордунан дьарыктанан, олохторугар умнуллубат хорсун-хоодуот быһыыны   оҥостубут, билигин да дьарыктанар биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт. Киҥкиниир киэҥ халлаанныын алтыһар, көй салгынынан чэлгийэ тыынар чаҕылхай күннэр инникитин салҕанан бара туралларыгар баҕарабыт.

Айыына Петрова, Александра Иванова, 8 кылаас үөрэнээччилэрэ,

”Эрчим” медиакиин, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү орто оскуолата    

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 января
  • -16°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 78% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: