Көмүс хатырыктааҕы хойукка диэри бастылар (ВИДЕО)

Көмүс хатырыктааҕы хойукка диэри бастылар (ВИДЕО)

Ааптар:
30.10.2022, 17:57
Бөлөххө киир:

Төһө да сылаас күннэр турбуттарын иһин үгүс улууска көмүс хатырыктааҕы сомсор инниттэн муҥхалыы сылдьаллар. Бэҕэһээ, алтынньы 29 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр Үттэ диэн эбэҕэ көмүс хатырыктаах барахсаны бастылар. 

Дүллүкү нэһилиэгин олохтоохторун сэргэ Хороттон, Хомустаахтан, Маайтан уонна улуус кииниттэн муҥхаһыттар Николай Руфович Руфов тиэргэнигэр мустан, тимир көлөлөргө олорон эбэлэригэр тиийдилэр.  Муҥхаҕа 90-тан тахса киһи кытынна. Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Н.П.Романов салайыытынан, оллооҥҥо эмис эттээх күөс өрүлүннэ, чэй оргутулунна.

Дьон-сэргэ мустубутун кэнниттэн ытык кырдьаҕастар Николай Руфович, Михаил Иванович салайыыларынан икки муҥханы түһэрдилэр. Эбэлэрэ барахсан көмүс хатарыктааҕы, төһө кыалларынан, күндүлүү сатаабыт.

«Муҥха — дьону түмэр ураты күүстээх. Сибиэһэй ыраас салгыҥҥа, айылҕаҕа доҕоттору, атастары кытта көрсөн, күө-дьаа кэпсэтэн, сонуну-нуомаһы үллэстэн, хаартыскаҕа хото түһэн сүргэбит көтөҕүллэн төнүннүбүт», — дэһэллэр муҥхаһыттар.  Бу киэһэ ыал-ыал аайы сибиэһэй собо ыһаарыланна, хоргуннаах миин буста.

Салгыы видео-устууну көрүҥ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: