Дүпсүн түмсүүтэ
Ханна баҕарар түмсүү элбэҕи быһаарар. Ону билэр буоланнар, дүпсүннэр (баһылык Сивцев Николай Николаевич) нэһилиэктэрин иһигэр итинник ааттаах түмсүү тэриммиттэрэ түөрт сыл буолла.
Бу түмсүү үлэтэ сылтан сыл кэҥээн, күүһүрэн иһэр. Ол курдук, кэнники сылларга байыастарга, кинилэр дьонноругар араас хабааннаах көмөнү оҥороллор. Атын нэһилиэккэ, улууска баран олохсуйбут биир дойдулаахтарын эмиэ умнубаттар. Холобур, биһиги төһө да Дьокуускай куоракка олордорбут, сибээһи ыкса тутабыт. Быйыл «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн этиинэн салайтаран, Кыайыы күнүгэр анаан, байыаннай дьайыыга сылдьар уолбутун ааттаан туран биһиэхэ, төрөппүттэригэр, түмсүү салайааччыта Сивцев Сергей Гаврильевич ас-үөл наборун аҕалан туттарда, илии тутуһан дорооболоһон, хайдах-туох олорорбутун ыйыталаһан барда.
Сергей — эдэрчи киһи. Кини туһунан өссө да инники өттүгэр истиэхпит дии саныыбын. Сергей аҕата нэһилиэгэр уонна улууһугар улаханнык ытыктанар, араас салайар үлэлэргэ үлэлээбит, билигин да үлэттэн илиитин араарбакка сылдьар ытык киһи. Өссө эһэлэрэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, хас да бойобуой уордьаннар кавалердара Бочкарев Илья Сергеевич диэн аатырбыт минометчик, кини туһунан кинигэлэргэ суруйан тураллар.
Түгэнинэн туһанан, биһиги дьиэ кэргэн аатыттан нэһилиэк баһылыгар Сивцев Николай Николаевичка уонна Дүпсүн түмсүүтүн салайааччытыгар Сивцев Сергей Гаврильевичка махталбытын биллэрэбит. Болҕомто киһи санаатын көтөҕөр, күүһүрдэр ураты күүстээх.
Иван Сивцев — Бээди.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: