Дүпсүн түмсүүтэ

Share

Ханна баҕарар түмсүү элбэҕи быһаарар. Ону билэр буоланнар, дүпсүннэр (баһылык Сивцев Николай Николаевич) нэһилиэктэрин иһигэр итинник ааттаах түмсүү тэриммиттэрэ түөрт сыл буолла.

Бу түмсүү үлэтэ сылтан сыл кэҥээн, күүһүрэн иһэр. Ол курдук, кэнники сылларга байыастарга, кинилэр дьонноругар араас хабааннаах көмөнү оҥороллор. Атын нэһилиэккэ, улууска баран олохсуйбут биир дойдулаахтарын эмиэ умнубаттар. Холобур, биһиги төһө да Дьокуускай куоракка олордорбут, сибээһи ыкса тутабыт. Быйыл «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат» диэн этиинэн салайтаран, Кыайыы күнүгэр анаан, байыаннай дьайыыга сылдьар уолбутун ааттаан туран биһиэхэ, төрөппүттэригэр, түмсүү салайааччыта Сивцев Сергей Гаврильевич ас-үөл наборун аҕалан туттарда, илии тутуһан дорооболоһон, хайдах-туох олорорбутун ыйыталаһан барда.
Сергей — эдэрчи киһи. Кини туһунан өссө да инники өттүгэр истиэхпит дии саныыбын. Сергей аҕата нэһилиэгэр уонна улууһугар улаханнык ытыктанар, араас салайар үлэлэргэ үлэлээбит, билигин да үлэттэн илиитин араарбакка сылдьар ытык киһи. Өссө эһэлэрэ Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, хас да бойобуой уордьаннар кавалердара Бочкарев Илья Сергеевич диэн аатырбыт минометчик,  кини туһунан кинигэлэргэ суруйан тураллар.

Түгэнинэн туһанан, биһиги дьиэ кэргэн аатыттан нэһилиэк баһылыгар Сивцев Николай Николаевичка уонна Дүпсүн түмсүүтүн салайааччытыгар Сивцев Сергей Гаврильевичка махталбытын биллэрэбит. Болҕомто киһи санаатын көтөҕөр, күүһүрдэр ураты күүстээх.

Иван Сивцев — Бээди.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

8 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

11 часов ago