Дүпсүҥҥэ саахыматчыт-энтузиаст бильярд күрэҕин иккис сылын тэрийэр

Share

Бу күннэргэ Уус Алдан улууһун Дүпсүнүгэр бильярды сөбүлээччилэргэ күрэх буолан ааста.

Дүпсүҥҥэ күрэҕи Бээдиттэн төрүттээх, саахыматчыт Василий Сивцев эдэр сылдьан сыбаарсыгынан, кэлин 31 сыл устата «Ростелекомҥа»  сибээс исписэлииһинэн үлэлиир киһи тэрийэр. Санаттахха, кини былырыын 60 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүгэр иккис сөбүлүүр дьарыга буолбут бильярд күрэҕин  нэһилиэккэ  үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыппыта.

Быйыл эмиэ күрэҕи улууска бильярды сөбүлээччилэргэ анаата. Барыта 7 нэһилиэктэн бильярды сөбүлээн дьарыктанар 22 эр бэртэрэ күрэхтэстилэр. Тыҥааһыннаах киирсии уһун күн устата тохтообокко ыытылынна. Түмүгэр муҥутуур кыайыылааҕынан бастакы миэстэни Майаҕастан  Анатолий Скороходкин буолан өрөгөйдөөтө. Иккис миэстэнни Кэптэниттэн 68 саастаах Алексей Никифоров, үһүс миэстэни Дүпсүнтэн Гаврил Кудрин уонна Бээдиттэн Захар Горохов ыллылар. Анал бириистэр оонньоннулар: «За точное разбивание пирамиды» Гаврил Кудрин (Дүпсүн), «За точное забивание двух шаров одновременно» Иван Охлопков (Сыырдаах ), «За лучшую серию шаров» Прокопий Колодезников (Сыырдаах), «Фанат бильярда» Александр Турантаев (Бороҕон), «За помощь в организации турнира» Гаврил Соловьев (Дүпсүн),»Эдэр кэскиллээх оонньооччу» Виталий Ефимов (Дүпсүн).

Хаартыска: ааптар түһэриитэ

Турнир тэрийиитигэр  күүс-көмө буолбут Айнура Стручковаҕа уонна Гаврил Кудриҥҥа Махтал суруктар уонна сыаналаах бириистэр туттарылыннылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттартан «Саамай  аҕа саастаах оонньооччу»  ааты Алексей Никифоров (Кэптэни), «Саамай эдэр оонньооччу-ыалдьыт» ааты Иван Охлопков (Сыырдаах) ыллылар уонна сыаналаах бириистэри туттулар.

Икки сыл устата үрдүк таһымҥа ыытыллыбыт бильярдка күрэх бириистэрин тэрийээччи Василий Сивцев  бэйэтэ туруорара үтүө холобур буолар.  Дүпсүҥҥэ Эр хоһуун сылыгар эр дьоҥҥо анаммыт успуорт биир көрүҥэ бильярд  түмэр күүстээҕин, улахан көҕүлүүр кыахтааҕын күрэх бүппүтүн да кэннэ, спортсменнар тарҕаспакка салгыы коммерческай оонньуу ыыппыттара туоһулуур. Василий курдук энтузиаст, тэрийэр, көҕүлүүр дьон элбээтиннэр, эр дьон көхтөөх буоллуннар.

Пелагея Соловьева, Дүпсүн.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

2 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

1 час ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago