Дьүрүйээнэ Турция киинэтигэр уһулунна

Share

Тохсунньу 23 күнүттэн Арассыыйа киинэ тыйаатырдарыгар «Холоп. Великолепный век» диэн киинэ таҕыста. Бу киинэҕэ биһиги биир дойдулаахпыт, виртуоз-хомусчут Юлияна Кривошапкина-Дьүрүйээнэ удаҕан оруолугар уһулунна. Бу киинэҕэ Турция киинэтин сулуһа Керем Бюрсин эмиэ уһуллубута. Кинини Арассыыйа көрөөччүтэ «Постучись в мою дверь» сериалга Серкан Болат оруолугар уһуллубутунан билэр.

Хаартыска: социальнай ситимтэн.

Арассыыйа көрөөччүлэрэ «Холоп» диэн киинэни үчүгэйдик билэллэр. Аныгы кэм баай-тот, «мажор» уолун үөрэтэ таарыйа, былыргы кэмҥэ түспүт курдук оҥороллоор. Уол чахчы былыргы кэмҥэ сылдьабын диэн итэҕэйэр, араас мүччүргэннээх түбэлтэлэргэ түбэһэн, олоҕу көрүүтэ, майгыта уларыйар.

Оттон бу «Холоп. Великолепный век» киинэ — «Холоп» киинэни туроктар уларытан уһулбуттар. Ол аата ис хоһооно биир, Стамбул куоракка олорор, баай тойон нэһилиэнньигэ XVI үйэтээҕи османскай куоракка түбэспит курдук оҥорбуттар.

Юлияна Турция номнуо үһүс киинэтигэр уһуллар. Бу иннинэ «Я и есть Джелаладдин» сериалга, «Курулуш Осман» киинэҕэ уһуллубута.

Продюсердар түүр норуоттарын култуураларын уратыларын көрдөрүөхтэрин баҕарбыттара, онно миигин ыҥырбыттара. Бу кэмиэдьийэ буоларын быһыытынан, күүскэ хаһыытаан-ыһыытаан, сүрүн дьоруойу Керем Бюрсины куттуур курдук оонньуурбар эппиттэрэ. Ону мин оонньоотоҕум дии.  Кылгастык көстөр оруол буолан, түргэнник уһулбуттара, режиссер астыммыта, хайҕаабыта.

Мин маннык улахан бырайыакка уһуллубуппун хаһан да умнуом суоҕа. «Курулуш Осман» киинэҕэ Бурак Озчивит уонна Керем Бюрсин курдук Турция сулустарын кытта уһуллары элбэх кэрэ аҥаар ыраланара буолуо. Bozdag Film хампаанньа устуудьуйа уораҕайыгар уһуллубуппут, хайдах эрэ остуоруйаҕа сылдьар курдук этим. Дьиктитэ диэн, төрөөбүт күммэр уһуллубутум, — диэн Дьүрүйээнэ кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
41
+1
0
+1
1
+1
2
+1
2
+1
3
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр

Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар 53 кыраадыска тиийэ тымныйара күүтүллэр диэн УГМС…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ярыгин Кубога: биир үрүҥ көмүс, икки боруонса

Тохсунньу 23-26 күннэригэр Красноярскайга  үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга Иван Ярыгин Кубога буола…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

М.З.Мартынов — Бөөдөс уолун «Уол Дуолан Бухатыыр» олоҥхотун кутаналар киэн тутта көрдүбүт

«Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхо ааптара Митрофан Захарович Мартынов-Бөөдөс уола Кутанаттан төрүттээх олоҥхоһут. Митрофан Мартынов Сунтаар…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эргиччи талааннаах Василиса Винокурова

Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Василиса Васильевна Винокурова тохсунньу 22 күнүгэр 85 сааһын туолла. Аҕа саастаах…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Толуйуу ханнык кэмҥэ бэриллэрий?

Ыйытыы:  Дьиэ-уот уонна хапытаалынай усунуос төлөбүрдэригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр толуйуу көрүллэр дииллэр. Ол…

12 часов ago
  • Сонуннар

Олохтоох маршруттарга 1,2 млрд солк. көрүллүөҕэ

Олохтоох маршруттарынан айан иһин 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуону чуолкайдааһыҥҥа көрүөхтэрэ. Маннык сорудаҕы Саха…

13 часов ago