“Е” эбилик диэн тугуй?
Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар. Сыыйа-баайа мунньуллан, уҥуоҕу, тииһи алдьаталлар, хаан баттааһынын таһаараллар, иммунитеты мөлтөтөллөр, аллергияны үөскэтэллэр, быарга-бүөргэ дьайаллар.
“Е” диэн суруктаах эбиликтэри сүүстүү сыыппаранан маннык араараллар.
Е-100-Е-199 — өҥүн-дьүһүнүн тупсарар кырааскалар.
Е-200- Е-299 — өр харалларын хааччыйар консерваннар.
Е-300 -Е-399 — антиоксиданнар.
Е-400 -Е-599 — веществолары булкуйар, сыһыарар стабилизатор уонна эмульгатор.
Е-600 -Е-699 — амтаны, сыты күүһүрдэр эбиликтэр.
Е-900 -Е-999 — мөлтөх хаачыстыбалаах бурдугу тупсарар антифламинг (күүгэни суох гынар).
Буортулаах эбиликтэр
Е210 — бензойнай кислота. Үүккэ, фрукталарга, мүөккэ эбэллэр. Күүстээх аллерген.
Е252 – калий нитрата. Кытаанах сыырга, бекоҥҥа, паштекка, кэнсиэрбэлэммит балыкка баар буолар. Олус элбэҕи сиэтэххэ, хаан баттааһына түһэр-үрдүүр, тымыр быһыта барар.
Е330 — лимоннай кислота. Гаастаах утахтарга, мороженайга эбэллэр. Тииһи алдьатар.
Е415 — ксантановай кислота. Соуска, майонезка, кетчупка, мороженайга, минньигэс десертэргэ баар буолар. Күүстээх аллерген.
Е621 – натрий глутамата. Тууһаммыт бородуукталарга, соустарга, майонезка, приправаҕа баар буолар. Хаан баттааһынан таһаарар.
Е954 — сахарин. Фрукта уонна оҕуруот аһын кэнсиэрбэлэригэр, соустарга, утахтарга, хартыыһаҕа, кетчупка баар. Хабахха куһаҕан, искэҥҥэ тиэрдиэн сөп.
Е951 – аспартам. Аһы минньитэр эбилик. Аллерген, искэ-үөскэ куһаҕан.
Е327 — кальций лактата. Бурдук аска, фрукта кэнсиэрбэлэригэр көстөр. Искэ-үөскэ куһаҕан.
Е336 — калий артрата. Бурдук аска, гаастаах утахтарга баар. Хаан баттааһынын үрдэтэр, быарга-бүөргэ куһаҕаннык дьайар.
Россияҕа бобуллубут Е эбиликтэр!
Е-121, 123,173-алюминий (кырааскалар), 216, 217, 240-формальдегид (консерваннар). Маны таһынан, үгүс эбиликтэр атын дойдуларга бобуулаахтарын үрдүнэн, биһиги дойдубутугар көҥүллэнэллэр.
Искэннээх ыарыыны үөскэтэр эбиликтэр:
Е-131, 142, 153, 154, 210-219, 230, 240, 249, 252, 280-283, 330, 954. Кутталлаах эбиликтэр: Е-510, 513, 527, 400-405.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: