Эбээ, эһээ оскуолата
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн, саха тылын учууталлара уонна иитэр-үөрэтэр салаа көҕүлээһиннэринэн «Талба» эбээлэр түмсүүлэрэ А.Ф.Алексеев аатынан Чуукаар орто оскуолатыгар «Эбээ, эһээ оскуолата» норуот үөрэҕэр уһуйар оскуола тэриллэн, аан тэрээһини саҕалаатылар.
Сарсыарда оҕолор үөрэнэ кэлэллэригэр алаадьылаатылар, арчылаатылар. Оттон оҕолор аҕам саастаахтарга тэтиҥ маһынан оҥоһуллубут харыс бэлиэлээх харысхалы бэлэх ууннулар.
Үс бөлөххө арахсан алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр олохтоох ааптар Лидия Степановна Алексеева суруйбут остуоруйаларын аахтылар. Орто уонна үрдүкү сүһүөх кылааһын оҕолорун сахалыы лэппиэскэнэн, тута алаадьы буһара-буһара барыларын күндүлээтилэр. Саха сиэрин-туомун, үтүө үгэһин туһунан кэпсээтилэр, хомуска оонньоотулар, баҕа санаа ситимин өрдөрдүлэр. Ол кэнниттэн оскуола бары үөрэнээччилэрэ үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ эбээлэргэ «Төлөн» оҕо хамсааһынын аатыттан махтанан, оскуола иһинэн үлэлиир бизнес-инкубатор оҥорон таһаарбыт минньигэс сакалаатын туттардылар.
«Эбээ, эһээ оскуолата» үүнэр көлүөнэни үтүө үгэскэ, кэрэҕэ сирдээн истин диэн баҕа санааларын тиэртилэр.
А.Ф. Алексеев аатынан орто оскуола кэлэктиибэ,
Чуукаар, Ньурба.
Хаартыскалар оскуола кэлэктиибин тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: