Ахсынньы 12 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык Сүбэтин «Почетный старейшина РС(Я)» бэлиэ, «Үйэ саас» уһун үйэлэнии бочуоттаах бэлиэтин, «Ийэҕэ үрдүкү махтал» бэлиэ, «Ийэ Албан аата» уордьан 1 истиэпэннээх кавалера, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Пермякова Ульяна Егоровна 103 сааһын туолла.
Кини 11 оҕону төрөтөн, иитэн, улаатыннарбыта. Ийэлэрин, эбэлэрин төрөөбүт күнүнэн элбэх оҕолоро, сиэннэрэ, хос исэннэрэ кэлэн эҕэрдэлээтилэр. Эбээ Ылдьаана «103» диэн сыыппаралаах минньигэс туорду, баҕа санаатын этэн баран, үрэн кэбистэ.
Ульяна Егоровна бу сайын алгыстаах тэлгэһэтигэр, төрөөбүт-үөскээбит дьиэлэригэр оҕолоругар, күтүөттэригэр-кийииттэригэр, сиэттэригэр, хос-хос сиэттэригэр алгыһын анаабыт дьоро күнүгэр барыларын мунньан, Аймахтар түмсүүлэрин тэрийбитэ. Кинилэргэ Эбээ Ылдьаана алгыһын анаабыта, барыларыгар араамкалаах суруктары туттарбыта.
— Төрөппүттэрбит, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо Ульяна Егоровна уонна Владимир Николаевич Пермяковтар олох араас ыарахаттарын тулуйан кэлбиттэрэ, күүстээх санаалаах буолан, олоххо тардыһыылара, олорбут дьоһун олохторо биһиэхэ, оҕолоругар, үтүө холобур буолар.
Төрдү-ууһу билии, үөрэтии суолтата улахан. Хас биирдии киһи кимтэн кииннээҕин, хантан хааннааҕын үөрэтиэхтээх, билиэхтээх. Кинилэр төрүттэрэ, эбээлэрэ, эһээлэрэ хайдах-туох олоҕу олорбуттарын, кэнэҕэски ыччакка тиэрдэр курдук билиэхтээх диэн 5 көлүөнэ оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, хос-хос сиэннэрэ мустан, сахалыы сэмэйдик, дьиэ кэргэннии истиҥник, кэрэ кэпсээн кэһиилээх, үөрүү-көтүү үктэллээх мустан арчыланныбыт, — диэн оҕолоро кэпсииллэр.
Кыргыттара төрөппүттэригэр, Күн күбэй ийэлэригэр анаан таһаарбыт «Киэн туттар күндү дьоммут» диэн кинигэни Ылдьаана эбээлэрэ бу дьоро күн сиэннэригэр, хос сиэннэригэр бэлэхтээбитэ.
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…