Эбээн Бытантай Дьарҕаалааҕа киин ититиигэ холбонно

Share

Бу күннэргэ Эбээн Бытантай улууһун Дьарҕаалаах сэлиэнньэтигэр киин ититии ситимэ холбонно. Бу үөрүүлээх сонуну нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Евгений Иванов иһитиннэрдэ:

— 2019 сыллаахха ОДьКХ ГУП ситиминэн автоматизированнай хочуолунай тутуллубута. Бу хочуолунайга нэһилиэкпит бары социальнай эбийиэктэрэ уонна 13 ыал холбоммута. Бэлиэтээн эттэххэ, олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама киириэҕиттэн, биһиги сыл ахсын манна кыттабыт уонна үбүлээһиҥҥэ өрүү тиксэбит. Ол курдук, Үп министиэристибэтин өйөбүлүнэн, бу бырагыраамаҕа кыттан кыайбыттарга 1,5 мөлүйүөн солкуобай көрүллэр. Биһиги манна кыттан киин ититиибитигэр анаан турбалары атыыласпыппыт.

Быйыл 3,5 мөлүйүөн суумалаах турбалары «Арктическай инжиринговай хампаанньаттан» иэс ыллыбыт. Онон бу ааспыт нэдиэлэҕэ нэһилиэкпитигэр киин ититии икки уулуссаҕа тардылынна. Билигин ити икки уулусса 14 ыала бэйэлэригэр ититии ситимин тардыннылар даҕаны, нэһилиэкпит 100% киин ититиигэ холбонор. Нэһилиэкпит 226 нэһилиэнньэлээх.

Киин ититиини олохтоох уолаттарбыт Николай Гаврильев, Илья Бороненко, Афанасий Иванов тардыбыттара. Түгэнинэн туһанан, Үп министиэристибэтигэр махтанабыт. Төһө да ыраах тайаан сытар нэһилиэк буолларбыт, киин ититиигэ холбоннубут. Киин улуустартан хаалсыбакка олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыырбытыгар олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама өҥөтө улахан.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

11 часов ago