Салгыы
Эбээн Бытантай улууһугар күөллэр таһынан тахсар кутталлаахтар

Эбээн Бытантай улууһугар күөллэр таһынан тахсар кутталлаахтар

Ааптар:
04.05.2024, 09:30
Хаартыска: Бытантай уоттара хаһыат
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин салайааччыта Павел Гарин Саха сиригэр 100 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барар кутталлааҕын туһунан иһитиннэрбитэ.

Ол курдук, быйыл Амма, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Хаҥалас, Алдан, Уус Маайа, Томпо, Уус Алдан, Бүлүү, Өймөкөөн, Аллараа Халыма, Анаабыр улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннара ууга барар кутталлаахтар диэн иһитиннэриигэ суруллубута.

Итини сэргэ, Эбээн Бытантай улууһугар Кыһыл Балыктаах уонна Күөгүлүүр күөллэр таһынан тахсар кутталлаахтарын, оччотугар Баатаҕай Алыытын сэлиэнньэтэ ууга барар кутталлааҕа сабаҕаланара этиллибитэ. Бу  туһунан Эбээн Бытантай улууһугар Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Виктор Стручков санаатын үллэһиннэ:  «Бу куттал суоһуурун туһунан биһиги СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр номнуо 2010 сыллаахтан иһитиннэрэбит. Уу Департаменын исписэлииһин ыытыахтаах этилэр да, билигин да биһиэхэ кэлэ илик. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн кэтээн көрүүнү ыытабыт. Саас уонна күһүн уу кээмэйин ылабыт, — диир кини.

Санаттахха, Ленскэй оройуонун диэки Өлүөнэ өрүс эстиитэ ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка, Намҥа уонна Дьокуускайга ыам ыйын иккис дэкээдэтигэр, Кэбээйигэ ыам ыйын иккис дэкээдэтин бүтүүтэ буолара сабаҕаланар. Итиэннэ ыам ыйын иккис дэкээдэтин устата Алдан, Бүлүү, Амма өрүстэр эстиэхтэрэ диэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин сүрүн управлениетын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: