Эбээн-Бытантайга саҥа олорор дьиэ үлэҕэ киллэриллиэҕэ

Share
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ  Кирилл Бычков бүгүн, муус устар 8 күнүгэр, Эбээн-Бытантай улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр,  Баатаҕай-Алыыта сэлиэнньэҕэ тутулла турар 12  кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуутун хаамыытын көрдө.

Элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ  «2019-2025  сылларга саахалланар туруктаах дьиэлэртэн гражданнары көһөрүү» бырагырааманан тутуллар.

Тутааччылар билигин дьиэ ис өттүн оҥоро сылдьаллар. Манна 7 киһи үлэлиир.  Тутар тэрилтэ салалтата  СӨ Тутууга уонна олорор дьиэҕэ-уокка судаарыстыба хонтуруоллуур управлениетыгар  түмүктүүр бэрэбиэркэлиир сайаапканы сотору кэминэн ыытаары сылдьар.

«Дьиэ социальнай суолталааҕынан сибээстээн, эбийиэк үлэҕэ киириитин  түргэтитиэххэ наада.  Ол туһугар  тутууга  үлэһит ахсаанын элбэтиҥ», –  диэн  Кирилл Бычков сорудахтаата.

https://www.sakha.gov.ru/
https://www.sakha.gov.ru/
https://www.sakha.gov.ru/

Хоту сиргэ тутуу индустриятын чөлүгэр түһэриигэ   «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак төһүү күүһүнэн  буолла. Туһааннаах бырайыагы Владимир Путин 2019  сылга көҕүлээн,  2020  сылтан алта Арктическай улууска элбэх кыбартыыралаах  22 дьиэ тутулунна.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

sakha-sire.ru саайты ааҕар дьон ахсаана улаатта

2022 сыллаахха  "Саха сирэ" хаһыат  sakha-sire.ru саайта үлэтин саҕалаабыта. Онон "Саха сирэ" эрэдээксийэтэ билигин хаһыат…

13 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Чокуурдаах олохтооҕо балтын илиитин ытырбытын иһин бириигэбэрдэннэ

Чокуурдаах олохтооҕо итирик туруктаах сылдьан иирсээн кэмигэр балтын ытырбытын иһин 120 чаас булгуччулаах үлэҕэ бириигэбэрдэннэ.…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

От ыйын 1 күнүттэн ханнык сокуоннар олоххо киирэллэрий?

2025 сыл от ыйыттан Арассыыйаҕа үп-харчы эйгэтин, административнай быраабы, табаары маркировкалааһын быраабылаларын таарыйар саҥа сокуоннар…

44 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын сарсыҥҥыттан көрсүөхтэрэ

От ыйын 4-5 күннэригэр Нерюнгри оройуонугар 18-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа буолуоҕа. Ыалдьыттары от ыйын…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр соҕотох умайа турар ойуур баһаарын умуллардылар

Ааспыт сууккаҕа Ленскэй оройуоҥҥа 3 га иэннээх ойуур баһаара көһүннэ. Бу туһунан брифинг кэмигэр СӨ…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Горнайга баһаарга биэнсийэлээх дьахтар эмсэҕэлээбит

Баһаарга дьиэ кырыыһата уонна гараас уопсайа 112 кв.м. иэнэ уокка былдьаммыт. Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр…

1 час ago