Эбэм тэпилииссэтигэр киирбит махаон
Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгэр ыал тэпилиисэтигэр «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит махаон лыах киирбитин хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыттар. Бу туһунан тэпилииссэлээх ыал сиэн уоллара Арчын санаатын үллэһиннэ:
-Махаон лыах эбэм тэпилииссэтигэр киирбитин эдьиийим хаартыскаҕа түһэрэн ыыппыта. Мин Айыы Кыһата оскуола биология хайысхалаах кылааһыгар үөрэнэбин. Ол иһин лыах хаартыскатын көрөн олус сэргээбитим.
Махаон лыах парусниктар дьиэ кэргэҥҥэ киирсэр көрүҥ. Оттон махаон диэн кини былыргы грек омук бырааһын аатынан Махаон диэн буолбут. Бу лыах 37 көрүҥэ баар. Биһиэхэ көстүбүт арааһа Азиатика диэн көрүҥ быһыылаах. Бу ордук Саха сирин киин улуустарыгар көстөр көрүҥ. Кыра эрдэхпинэ эһэм сэдэх лыахтары, үөннэри тутан биэрэрин сакалаат хоруопкатыгар сыһыаран мунньар этибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: