Эбии баалы хайдах ылабыт?
Оскуоланы бүтэрээччилэр эксээмэннэрэ чугаһаан, номнуо баал, үөрэххэ туттарсыы туһунан толкуйдаан эрэллэр. Үөрэххэ киирэргэ биир-икки да баал улахан оруоллаах. Маны эксээмэн кэнниттэн кыра баалы көрөн баран биирдэ толкуйдаабакка, эрдэттэн үлэлэһэр ирдэнэр. Эбии баалы хайдах ылабыт?
Үрдүк үөрэххэ
Үрдүк үөрэххэ туттарсарга хас даҕаны хайысханан тус ситиһии көрүллэр. Ол эрээри, тус ситиһии иһин муҥутаан 10 баал эбиллэр. Оҕо хас даҕаны суол ситиһиилээх түгэнигэр онтон биирэ, саамай элбэх бааллааҕа ааҕыллар.
Дьэ, туох иһин баал эбиллэр эбитий? Хас биирдии үрдүк үөрэх маны бэйэтэ быһааран, үөрэххэ ылыы быраабылатыгар киллэрэр.
Бастакытынан, оскуоланы, орто анал үөрэҕи кыһыл аттестатынан, дьупулуомунан бүтэрии иһин.
Иккиһинэн, олимпиадаҕа, интеллектуальнай күрэстэргэ миэстэлэһии иһин. Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларыгар, РФ Билимин уонна үрдүк үөрэҕин министиэристибэтин испииһэгэр киирбит олимпиадаларга миэстэлэһии иһин.
Үсүһүнэн, успуорка ситиһии иһин. Олимпиадаҕа, Паралимпиадаҕа, Сурдлимпиадаҕа миэстэлэспиттэр, аан дойду, Европа чөмпүйэнээтин кыайыылаахтарыгар, уо.д.а. күрэхтэһиилэргэ. ГТО бэлиэтэ эмиэ учуоттанар.
Төрдүһүнэн, волонтерунан үлэҕэ. Бу хайаан даҕаны кумааҕынан бигэргэммит буолуохтаах.
Бэсиһинэн, айар куонкурустарга миэстэлэһии иһин. Хас биирдии үрдүк үөрэх тэрилтэтэ учуоттуур куонкурустардаах. Барыларыгар биир халыып буолбат. Онон саайтка көрөр ирдэнэр.
Алтыһынан, байыаннай дьайыынан Украина, ДНӨ, ЛНӨ, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластарга РФ Сэбилэниилээх Күүстэригэр ыҥырыллыбыттарга, хантараагынан сулууспалаабыттарга, баҕа өттүнэн кыттыбыттарга.
Тус ситиһии иһин 10 баалы эбии ылыахха сөп. Быйыл, 2024-2025 үөрэх дьылыгар туттарсарга 2020 сылтан бэттэх туттарыллыбыт биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) түмүгэ хапсар.
Ити хайысхаларынан уопсай ылан сырдаттыбыт. Хас баал, туох ситиһии иһин эбиллэрин сиһилии туттарсар үөрэххит саайтыгар киирэн көрүҥ, чопчу испииһэк ыйыллар.
Орто үөрэххэ
Үксүгэр дьон тоҕо эрэ эбии баал үрдүк үөрэххэ киирэргэ эрэ ирдэнэр диэн өйдөбүллээх. Ити букатын сыыһа. Аныгы кэмҥэ орто үөрэххэ туттарсарга аттестаты, ирдэнэр буоллаҕына, эбии тургутуулары таһынан портфолионы көрөллөр. Ити ордук айар дьоҕур, эт-хаан эрчиллиитэ ирдэнэр уо.д.а. үөрэхтэргэ туттарсарга көрүллэр. Холобур, дизайн, уруһуй эбэтэр физкултуура өттүгэр туттарсааччылар эбии эксээмэн туттаралларын таһынан, портфолионы көрдөрөллөр. Манна оҕо оскуолаҕа сылдьан муспут паапката туһалыыр.
Билигин үгүс орто үөрэхтэр оҕо дьоҕурун, сатабылын көрө сатыыллар. Оннооҕор мэдиссиинэ кэллиэһигэр, омос көрдөххө, тус ситиһии сыһыана суох курдугун иһин, учуоттанар. Холобур, үөрэххэ туттарсааччы волонтерунан үлэлээбит, үрдүк таһымнаах куонкурустарга кыттыбыт буоллаҕына, атыттартан биир харыс үрдүү түһэр. Онон оҕо оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттара, миэстэлэһэрэ бары өттүнэн барыстаах. Бааллара тэҥнэһэр түгэнигэр дьупулуомнаах, сэртипикээттээх оҕо инники күөрэс гынан тахсар.
Кураанах истээх паапка
Аны баал эбэр уонна аатыгар эрэ ыытыллар күрэстэри арааран өйдүүр ирдэнэр. Үөрэххэ тутар хамыыһыйа үлэһиттэрэ: “Абитуриеннар көтөх муҥунан паапкалаах кэлэллэр, сыымайдаан көрдөххө, онтон бииригэр даҕаны тус ситиһии иһин баал эбиллибэт, хомойон ытаан тахсаллар”, – дэһээччилэр. Ити төрүөтэ биир – аныгы кэмҥэ араас төлөбүрдээх куонкурустар аата-ахсаана суох элбээтилэр. Алын кылааска учуутал, төрөппүт оҕотун сайыннарар баҕаттан күрэстэргэ аҥаар кырыытыттан кытыннаран иһэр эбит буоллаҕына, үөрэнээччи улахан кылаастарга таҕыстаҕына, бириэмэни халтай ыыппат туһугар, чопчу баал эбэр эрэ куонкурустарга кытыннарар ирдэнэр. Түбүктэрэ, бириэмэлэрэ халтай хаалбатын туһугар оҕо, төрөппүт ханнык үөрэххэ, туох иһин уонна төһө баал эбиллэрин билиэхтээх. Ол инниттэн күн бүгүҥҥүттэн аны сайын үөрэххэ туттарсыахтаах оҕо ханнык идэҕэ, ханнык үөрэх тэрилтэтигэр киириэн баҕарарынан, ол кыһа саайтын киирэн үөрэххэ туттарсыы быраабылатын баһыттан атаҕар диэри ааҕара ирдэнэр. Тоҕо диэтэххэ, үөрэххэ туттарсар дьон сүрүн докумуона быраабыла буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Докумуону тутуу, эксээмэн ыытыллыытын болдьоҕуттан саҕалаан, ханнык тус ситиһии иһин хас баал эбиллэрэ быраабылаҕа барыта сурулла сылдьар.
Исписэлиис санаата
Павлина Васильева, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет киин тутар хамыыһыйатын салайааччыта:
– Үрдүк үөрэх бэрээдэгэр олоҕуран, туох ситиһии иһин хас баал ааҕылларын үөрэх тэрилтэтэ бэйэтэ быһаарар, кырата 2 баал, элбээбитэ 10 баал ааҕыллар.
Биһиги университеппытыгар тус ситиһии иһин хас даҕаны хайысханан баал эбиллэр: байыаннай дьайыыга сулууспалаабыттарга, баҕа өттүнэн кыттыбыттарга – 5 баал; успуорка үрдүк ситиһиилэммиттэргэ – 10 баал, ГТО бэлиэтин иһин (кыһыл көмүс – 6 б., үрүҥ көмүс – 4 б., боруонса – 2 б.); оскуоланы, орто анал үөрэҕи туйгун сыананан, кыһыл көмүс (үрүҥ көмүс) мэтээлинэн бүтэрбиттэргэ – 5-7 баал; волонтерскай хамсааһыҥҥа кыттыыга – 4 баал; олимпиадаларга кыттыы, миэстэлэһии иһин – 5-6 баал; кэмпириэнсийэлэргэ, интеллектуальнай, айар куонкурустарга миэстэлэһиигэ – 5 баал; СӨ Ил Дарханын истипиэндьийэтин ылбыттарга 5 баал; агротехнологическай хайысхалаах оскуоланы, орто үөрэҕи бүтэрбиттэргэ 5 баал уо.д.а. ситиһиилэр ааҕыллаллар. Бу барыта туһааннаах докумуонунан бигэргэтиллибит буолуохтаах уонна абитуриент сайабалыанньатыгар ыйбыт эрэ түгэнигэр баал ааҕыллар. Тус ситиһии испииһэгин толору АГАТУ саайтыгар киирэн билсиэхтэрин сөп.
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: